21 оҕолоох ыалга ыалдьыттаатылар

Share

Ыам ыйын 15 күнүгэр Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнэ буолар. Бу күнү көрсө Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ оҕону иитэр ыалларга сырыттылар.

Элбэх оҕолоох ыаллар икки остуолунан аһыыллар.

Тулагыга 21 оҕону иитэр Корниловтар олороллор. Кинилэр бэйэлэрэ 3 төрөппүт оҕолоохтор уонна 18 оҕону ииппиттэр. Пелагея Ивановна социальнай үлэһит, аҕалара Михаил Петрович хаһаайыстыбатын көрөн олорор. 6 оҕолоро улаатан, үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар, 2 оҕолоро ыаллар, сиэннэрдээхтэр.

Корниловтар 2013 сыллаахха куораттааҕы “Счастливы вместе” күрэскэ кыайан, Кытайга баран кэлэр путевканан наҕараадаламмыттара. 2016 сыллаахха “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ 1-кы миэстэни ылбыттара.

Кинилэр саха, нуучча, эбэҥки, азербайджан оҕолорун иитэ ылан, биир иллээх ыал буолан олороллор. Оҕолор бары сахалыы саҥараллар. Улахаттар дьиэ ис үлэтин кыайа тутан олороллор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, кыраларын көрсөллөр. Оҕолор спорка элбэх ситиһиилэрдээхтэр.

Ааптар түһэриитэ.

Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников Корниловтары эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөтүн уонна сэмэй бэлэҕи туттарда. Бу курдук министиэристибэ үлэһиттэрэ оҕо иитэр ыаллары билсэ-көрсө олороллор.

Салгыы Бүлүүлүүр аартыкка олорор Бороновтарга ыалдьыттаатылар. Бороновтар икки төрөппүт оҕолоро устудьуоннар. Оҕолоро улааппыттарын кэннэ, оҕо дьиэтиттэн кырачааннары ылыахтарын баҕарбыттар. Үс бииргэ төрөөбүт кырачааннары 2020 сыллаахха ылбыттара. Тута кэриэтэ улахан кыыс сүрэҕин эпэрээссийэлэппиттэр. Кыракый игирэчээннэрин кытта оҕо доруобуйатын чөлгө түһэрэр кииҥҥэ киирэн, эмтэнэн, дьарыктанан тахсаллар. Ийэлэрэ Зояна Петровна буҕаалтыр үлэтиттэн уурайан, социальнай хантараак көмөтүнэн иистэнэр сыах арыйбыт, өссө университекка магистратураҕа психолог идэтигэр үөрэнэ киирбит.

Ааптар түһэриитэ.

Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова кинилэри эҕэрдэлээтэ, истиҥник кэпсэттэ. Кини этэринэн, 2023 сылга 3972 оҕо тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт. Кинилэртэн 3519 оҕону ыаллар иитэ ылбыттар. Онон 400-тэн тахса оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кэтэһэллэр. Ол да буоллар, кэнники сылларга оҕону иитэр ыаллар ахсааннара эбиллэр, тулаайах оҕо ахсаана сыыйа көҕүрүүр. Холобур, 2021 сыллаахха 632 оҕону, 2022 сыллаахха 680 оҕону иитэ ылбыттара. 2013 сыллаахха 845 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баара.

Ааптар түһэриитэ.

Былырыын оҕону иитэ ылар ыалларга төлөбүр икки төгүл үрдээбит. Онон министиэристибэ үлэһиттэрэ тулаайах оҕолору иитэ ылар дьиэ кэргэттэр ахсааннарын элбэтэр соругу туруорунан үлэлииллэр.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэри тупсарыахтара

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэни кытта холбоммут быһа сибээс кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ улахан болҕомтону…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр «Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ Сергей Фурсенко үлэлээтэ

«Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ, «Үрдүкү технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» аһымал пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Фурсенко Саха сиригэр оробуочай…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ үс мөлүйүөнү уонна кыбаартыыраны ылыаҕа

Эһиилги «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ үс мөлүйүөн солкуобайы уонна 7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сыаналаах Дьокуускай куоракка…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр “военкоматтан” эрийэллэр

Түөкүттэр тус дааннайдары сыыппараҕа көһөрөбүт диэн военкомакка “ыҥырар” саҥа исхиэмэни толкуйдаабыттарын ИДьМ матырыйаалларыгар сигэнэн ТАСС…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ритуальнай кииҥҥэ киһини өлөрөргө соруммут буруйдаах сууттанна

Дьокуускай олохтооҕо киһини өлөрөргө соруммутунан буруйдааҕынан билинилиннэ. Кини ритаульнай киинигэр киһиэхэ быһахтаах саба түспүт. 57…

1 час ago