22 түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар киһи сууттаныаҕа
Дьокуускай куорат 29 саастаах олохтооҕо 22-тэ түөкүннээбитинэн туһунан холуобунай дьыала тэриллэн, суукка барда. Кини дьиэ, массыына куортамныыбын, гараас атыылыыбын диэн дьону албыннааһыҥҥа уорбаланар.
Силиэстийэ быһаарбытынан, 2022 сыл алтынньытыттан 2023 сыл атырдьах ыйыгар диэри бу киһи кыбартыыра, массыына куортамныыр, гараас, массыына сапчаастарын, цифровой тиэхиньикэ атыылыыр туһунан биллэриилэри биир биллэр саайтан булан бэйэтин аатыттан суруйар эбит.
Кини өҥөтүгэр наадыйан биллибит дьон харчыларын ыыттаран баран сибээстэн сүтэн хаалар эбит.
Ол курдук, бу киһи BMW X5 массыына сапчааһын атыылыыбын диэн албыннаан харчы ыыттарбыт уонна ону уоран ылбыт. Итиэннэ биир дьахтар сыаналаах төлөпүөнүн ый аайы кыралаан төлөһүөх буолан ылбыт уонна эмиэ биллибэтэх. Ити курдук 160 тыһ.солк. суумалаах фотоаппараты уо.д.а. эмиэ уорбута биллибит.
Маннык курдук түөкүннээн барыта 1,6 мөл.солк. тахса суумалаах хоромньуну оҥорбут диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: