ИДьМ Дьокуускай куораттааҕы 4-с №-дээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар 38 саастаах эр киһиттэн үҥсүү киирбит. Ол курдук кини аатыгар кирэдьиит оҥоһуллубут уонна харчыта уоруллубут.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх 23 саастаах уорбаланааччы кыыһы туппуттар. Онно биллибитинэн, эмсэҕэлээччи саҥа билсибит кыргыттарын кытта арыгылаабыт. Эр киһи утуйбутун туһанан, уорбаланааччы кыыс кини төлөпүөнүн ылан онлайн-баан нөҥүө 404 тыһ. солкуобайдаах кирэдьиит оҥотторбут.
Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 158 ыст. «Уоруу» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит. Бу ыстатыйа сааҥсыйатынан киһи көҥүлэ алта сылга диэри быһыллыан сөбүн туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…