Салгыы
231 кырдьаҕаһы дьиэ кэргэҥҥэ көрөллөр-истэллэр

231 кырдьаҕаһы дьиэ кэргэҥҥэ көрөллөр-истэллэр

25.05.2023, 15:20
Хаартыска: СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министи эристибэтин пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Кыаммат уонна инбэлиит дьону Кырдьаҕастар дьиэлэригэр буолбакка, көрө-истэ ылар ыалга олордуу – бу үтүө түмүктээх ньыма. Кэнники кэмҥэ судаарыстыба маннык ньыманы кэҥэтэн, элбэтэн эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 217 дьиэ кэргэн 231 кырдьаҕаһы, инбэлиити ылан, көрөр-истэр.

Хаартыска: СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министи эристибэтин пресс-сулууспата.

2021 сылтан I, II группалаах инбэлииттэр эмиэ дьиэ кэргэҥҥэ олоруохтарын сөп. Бу маннык ньыма соҕотохсуйбут кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ табыгастаах. Дойдуларыттан тэйбэккэ, хааһына тэрилтэтигэр киирбэккэ, дьиэ кэргэҥҥэ эһээ-эбээ оруолун толорон, көрүллэн олороллоро ордук буоллаҕа.

Бу 231 киһиттэн 27-тэ – сэрии, тыыл бэтэрээнэ, 7-тэ – 40-55 саастаах, I, II группалаах инбэлиит. Орто саастара – 66-82, саамай аҕалара 96 саастаах.

Хаартыска: СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министи эристибэтин пресс-сулууспата.

Кыамматы, кырдьаҕаһы көрүү-истии былыр-былыргыттан баар үгэс. 17-с үйэҕэ аҕа уустара тулаайахтары, кыаммат дьону ыалларынан тарҕатан көрөллөрүн-истэллэрин туһунан докумуоҥҥа бигэргэммитэ баар. Онон бу умнуллубут үгэһи сөргүтэр кыах баар, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова этэр.

Соҕотох олорор, көрүүгэ-истиигэ наадыйар дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан уонна I, II группалаах инбэлииттэр дьиэ кэргэҥҥэ  олоро барыахтарын сөп.

Кырдьаҕастары, инбэлииттэри көрөр-истэр дьиэ кэргэҥҥэ бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр 22 154 солкуобайга тэҥнэһэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: