Сэргэни туруоруу билигин балачча тарҕаммыт үгэс. Арыый эмэ суолталаах тэрээһиҥҥэ улахан сэргэни туруоруу сөптөөх быһыы-майгы быһыытынан ааҕыллар. Ол эрээри биир кэлимсэ олохтоммут үгэс баара биллибэт. Дьиҥэр, урукку кэмҥэ сэргэ туруоруута сүдү суолталаах сиэр-туом буоллаҕа дии. Сэргэни туруоруу ис суолтата дириҥ, ымпыга-чымпыга элбэх. Биир кыра ыстатыйаҕа ону барытын ырытар кыах суох эрээри, саатар сүрүн өйдөбүллэрин таарыйан көрүөҕүҥ.
Байкал күөл диэки айанныы сылдьыбыт дьон билэллэр – сэргэни Саха сиригэр эрэ туруорбаттар. Бүрээттэр биир ордук ытыктанар Хүлэн нуурай дацан диэн таҥараҕа үҥэр сирдэригэр таас остуолба турар. Бу тааһы “Алтан сэргэ” диэн ааттыыллар, дацан биир сүрүн ытык сирэ. Археологтар быһаарыыларынан, бу 3-5 тыһыынча сыл анараа өттүгэр туруоруллубут сиэр-туом мала буолар. Бу курдук туруорба таас сэргэлэр Бурятияҕа, Алтайга элбэх сиргэ бааллар. Сэргэни сылгынан дьарыктанар үгүс омук туруорар. Бүрээттэр, алтаецтар билигин эмиэ сахалар курдук мас сэргэни туруораллар.
Үс Хатыҥҥа турар олоҥхо хоһуйуутунан оҥоһуллубут Алтан Сэргэ сахалар түүр омуктары кытта уруубутун туоһулуур — түүр тылларыгар “алтан” диэн тыл “кыһыл көмүс” диэн суолталаах. Бу маны барытын түмэн эттэххэ, сэргэни туруоруу түҥ былыргыттан кэлбит үгэс буолара көстөр.
Сэргэ маһын атын мас булкааһа суох тиит үүнэр тыатыттан ылаллар. Бастыҥ, көнө үөл маhы талан ылаллар, кэрдиэхтэрин иннинэ уот оттон тыа иччитин аһаталлар, “маһы оттукка ылбаппыт, сэргэ туруо-
рабыт” диэн этэллэр. Бу кэнниттэн сэргэни миэстэтин булларыахтарыгар диэри биир тылы быктарбакка, уу-чуумпуга үлэлииллэр.
Дьиэ иннигэр туруоруллар сэргэ Аал Луук Мас Орто дойдуну сүрүннүүрүн курдук, бу дьиэ-уот сүрүн сирэ буолар. Сэргэ Тойон Түһүмэл диэн ааттанар туспа айыылаах. Үс сэргэ туруоруутун суолтата: бастакы сэргэ дьиэ-уот тэриллиитигэр ананар, иккис сэргэ дьолу, баайы дуолу тоҕуорутарга, үһүс сэргэни уруу-аймах ууhааhыныгар анаан туруораллар эбит. Сэргэ дьиэ араҥаччыта, куһаҕан тыыны дьиэҕэ киллэрбэт аналлаах. Сэргэни күн ортотун саҕана туруораллар, онуоха сэргэ төбөтүн илин, арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр сиэл кыбыталлар. Сэргэни бу курдук симииллэр, онтон сэргэ хаҥас өттүгэр уот оттон сыт таhаараллар (үрүҥ аhы быраҕан), онно ыал кырдьаҕаhа уот иннигэр сөhүргэстии олорон уотугар ас кээhэр уонна 3 төгүл сэргэ төбөтүн туhаайан арыылаах кымыhы хамыйаҕынан баhан ыhар уонна алгыс алгыыр. Сэргэни туруоралларыгар биллэ биллибэт илин-соҕуруу иҥнэри гына туруоруллуохтаах, өскө сэргэ ат бастаах буоллаҕына атын баhа илин-соҕуруу хайыhан турар буолуохтаах.
Сэргэ ахсаана хас да буолуон сөп. Баай ыал дьиэтин иннигэр турар сэргэлэргэ аты баайыы туспа үгэстээх эбит. Дьиэттэн уҥа турар сэргэҕэ эр дьон эрэ аттарын баайаллар. Тойон сэргэҕэ дьиэ хаһаайына уонна ытыктанар ыалдьыт баайар. Орто сэргэҕэ дьиэ хаһаайынын уолаттара уонна тэҥнээх ыалдьыттар баайаллар. Кэлин сэргэҕэ ойуун атын баайыан сөп. Дьиэ кэргэн дьахталлара уонна кыра-хара дьон дьиэ хаҥас өттүгэр турар туорай мастаах сэргэлэргэ аттарын баайаллар эбит.
Кийиит сүктэн кэлэригэр хайаан даҕаны дьиэ хоту өттүттэн кэлэр. Ол иһин дьиэ хоту өттүгэр кийиит сэргэтэ туруоруллар. Онно күтүөт төрөппүттэрэ кийиити көрсөллөр, сэргэ иччититтэн кэлбит дьахтары араҥаччылыырыгар көрдөһөллөр. Кийиит энньэтигэр “сэргэ бэлэҕэ” диэн ааттаах өлүү быһыытынан биэ бэриллэр, бу биэни кийиит сэргэтигэр баайаллар. Уопсайынан, дьиэ хоту өттө дьахтар сиринэн ааҕыллар. Ол иһин, бу дьиэ кэргэҥҥэ оҕо үөскээбэт түгэнигэр дьиэттэн хотугулуу-илин Айыыһыкка анаммыт сэргэни туруораллар, оҕо көрдөһөллөр.
Саха киһитэ барыта билэр – сэргэни кэрдэр, эрбиир, суулларар улуу аньыы. Бу курдук ыар буруйу оҥорбут киһи бэйэтэ эрэ буолбакка, кэлэр кэнэҕэскитэ кытта бу дьайыыттан иэдээҥҥэ түбэһиэн сөп. Сэргэни көһөрөр эмиэ көҥүллэммэт (ол эрэн, чинчийээччи этнографтар этэллэринэн, урут үчүгэйдик олорбут сирдэриттэн көһөллөрүгэр тойон сэргэни илдьэ барар үгэс баара эбитэ үһү). Бэйэҥ туруорбатах, туора түспүт сэргэни көннөрөр көҥүллэммэт, үйэтин моҥоон бэйэтэ сууллан түһүөхтээх. Сууллубут сэргэни сиэри-туому тутуһан харайар көҥүллэнэр. Сууллубут сэргэни көлөлөммөккө, хайаан даҕаны илиигэ эрэ көтөҕөн тыаҕа таһаараллар, онно икки силбэһэ үүммүт тиит икки ардыгар уураллар. Олоччу эмэҕирбит сэргэни тыаҕа таһааран сиргэ уураллар.
Ыстатыйаны суруйарга этнограф учуонай Наталья Данилова көмөлөстө.
Иван Попов уруһуйдара.
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…