Салгыы
2686 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинискэй көмө оҥоһулунна

2686 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинискэй көмө оҥоһулунна

28.12.2024, 15:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр мэдиссиинискэй көмөнү, реабилитацияны тиһигин быспакка ыытар.

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан 2686 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллубут.

Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн терапева Айталина Торонова кэпсээтэ.

“Бүгүҥҥү күн туругунан 2686 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинискэй көмө оҥоһулунна, 1955 киһи амбулаторнай эмтэниини, 788 киһи диспансеризацияны ааста. Маны таһынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар психотерапевтическай мэдиссиинискэй көмө “Защитники Отечества” судаарыстыбаннай пуонданан уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-неврологическай диспансер психолого-терапевтическай отделениетынан оҥоһуллар. Барыта 606 киһи мэдиссиинэ бу көмөтүнэн туһанар”, — диэн иһитиннэрдэ сүрүн терапевт.

Мэдиссиинискэй реабилитация икки сиринэн ыытыллар: спортивнай мэдиссиинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинискэй реабилитациятын киинигэр уонна 1 №-дээх национальнай мэдиссиинэ киинигэр. Бу икки сиринэн ортопедия, неврология, хирургия өттүнэн реабилитационнай көмө, ону тэҥэ соматическай реабилитация оҥоһуллар. Госпиталларга эмтэнэ сытар уолаттарга волонтерскай көмөнү оҥорор сыалтан, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2022 сылтан быраастар антах тиийэн эмтиир биригээдэлэрин тэрийбитэ. Бу ааспыт кэм устатыгар биригээдэ быраастара Бурденко уонна Вишневскай ааттарынан институттарга, Санкт-Петербурга баар байыаннай-мэдиссиинискэй академияҕа, Владивостокка, Хабаровскайга, Уссурийскайга эмтэнэ сытар уолаттары кытта көрсүбүттэрэ, көмө оҥорбуттара. Кулун тутар 2 күнүттэн шефтээх Докучаевскай куоракка Саха сирин быраастара: хирург-травматолог, ортопед, реаниматолог ханна да халбаҥнаабакка үлэлииллэр. 2024 сыл муус устарыгар, от ыйыгар уонна алтынньыга Кировскай уонна Докучаевскай куораттарга харах балыыһатын быраастара барбыттара. Төгүрүк суукка устата экстреннэй ыарыһахтарга быраастар консультация оҥороллор, кинилэртэн 50 бырыһыаннара байыастар буолаллар.

“Докучаевскайга 764 эпэрээссийэ оҥоһулунна, ол иһигэр 283 эпэрээссийэни харах быраастара, 481 эпэрээссийэни хирург-травматолог оҥордулар. Саха сирин быраастара  эпэрээссийэни эрэ оҥорботтор, аттыларыгар баар кэллиэгэлэригэр уопуттарын атастаһаллар. Күн бүгүн сүүстэн тахса лапараскапическай эпэрээссийэ, ону тэҥэ 15 улахан травматологическай эпэрээссийэ оҥоһулунна”, — диэтэ Айталина Торонова. – Быраастар бааһырбыт саха байыастарын кытта куруук көрсөллөр, кэпсэтэллэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ 5 улахан, 31 кыра эпэрээссийэ оҥоһулунна, 12 байыас эмтэнэр, кинилэртэн үстэрэ – Саха сириттэн сылдьаллар. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Ил Дархан Айсен Николаев “Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр тустарынан” ыйааҕын толорон, мэдиссиинискэй көмөнү, социальнай өйөбүлү салгыы оҥоро туруохтара”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: