28 саастаах эр киһи «Мария диэн иистэнньэҥмин» диэн дьону албыннаабыт
Сунтаар оройуоннааҕы холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 28 саастаах эр киһини түөкүннээһиҥҥэ уорбалаан туттулар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Барыллаан дааннайдарынан, уорбаланааччы эр киһи «Мария диэн иистэнньэҥмин» дэнэн, сахалыы таҥастары тигэн атыылыыбын диэн биэс ый устата биллэриилэри тарҕаппыт. Атыылаһааччылар харчыларын ыыппыттарын кэнниттэн блоктаан испит.
Холобура, биир дьахтар удамыр сыанаҕа таҥас атыылаһаары бу эр киһиэхэ абаанса быһыытынан 7 тыһ.солк. ыыппыт. Атыылааччы сибээстэн сүппүтүн иһин дьахтар полицияҕа үҥсүү суруйбут.
Силиэстийэ кэмигэр быһаарыллыбытынан, бу киһи өссө атын түөкүннээһиҥҥэ эмиэ уорбаланар эбит. Кини мессенджер нөҥүө билбэт дьонугар суруйан, «ырааҕынан аймаххыт Ильябын» дэммит. Олох ыарахаттарыгар түбэстим диэн албыннаан, иэс харчы көрдөөбүт. Дьон аһынан харчы ыыппытын кэнниттэн, түөкүннээһининэн дьарыктанар эдэр киһи кинилэри блоктаан испит.
Ити курдук кини 14 киһини албыннаабыта биллэр, хоромньу 124 тыһ.солк. тэҥнэспит.
Уорбаланааччы аатыгар 14 холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: