2800 киһи биэнсийэтигэр эбии төлөбүрү ылар

Саха сиригэр 2800-тэн тахса киһи тыа хаһаайыстыбатыгар өр үлэлээбитин иһин биэнсийэтигэр эбии төлөбүрү ылар.
Маннык эбии төлөбүрү ким ылар кыахтааҕый? Кырдьар сааһынан, эбэтэр, инбэлиитинэн страховой биэнсийэни ылар киһи үлэлээбэт буоллаҕына. Маны тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатыгар анал бигэргэммит идэлэргэ 30 сыллаах ыстаастаах буолуохтаах.
Эбии төлөбүр кээмэйэ страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн 25%-гар тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, 2025 сылга эбии төлөбүр кээмэйэ — 2226 солкуобай, үһүс группалаах инбэлииттэргэ — 1113 солкуобай.
Анал бигэргэммит идэлэр испииһэктэригэр 500-тэн тахса идэ баар.
Эбии төлөбүрү ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт. Аан бастаан страховой биэнсийэ ананар кэмигэр быһаарыллар.
Өскөтүн биэнсийэлээх үлэлиир буоллаҕына, бу төлөбүр төлөммөт, онтон үлэтиттэн уурайдаҕына, хос ананар. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: