30 саастаах эр киһи абаҕатын кырбаан суутанна

Share

Булуҥ оройуоннааҕы суута Эдьигээн оройуонун 30 саастаах олохтооҕун РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыстатыйатын 1-гы чааһынан буруйу оҥорбутунан буруйдааҕынан билиннэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи Сууттар холбоһуктаах пресс-сулууспалара иһитиннэрэр.

2025 сыл кулун тутар 15 күнүгэр эр киһи доҕотторун кытта арыгылаан баран дьиэтигэр кэлбит. Кэлэн көрбүтэ, дьиэтэ ыһыллыбыт-тоҕуллубут уонна дьыбааҥҥа итирик абаҕата утуйа сытар эбит. Эр киһи итирик аймаҕын уһугуннарбытыгар, тыл-тылга киирсибиттэр. Этиһии кэмигэр иирсээн тахсыбыт. Абаҕата быраатын оҕотун охсоору гыммытын сыыһа туттубут, онуоха эдэр киһи сутуругунан утары тохтоло суох араас сиринэн охсуолаабыт. Сууттаммыт киһи сокуону кэһэр дьайыыларын түмүгэр эмсэҕэлээччи доруобуйатыгар ыар хоромньу оҥоһуллубут.

Суут мунньаҕар эр киһи буруйун толору билиммит уонна буруйу оҥорбутуттан кэмсиммит.

Суут кинини буруйдааҕынан билинэн, 3 сылга болдьоххо көҥүлүн быһарга уураахтаата. Уураах сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -49 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -49 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

25 минут ago
  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

11 часов ago