300-тэн тахса киһи ойуур баһаардарын умуруорар

Суукка иһигэр Саха сиригэр уопсай иэнэ 300-тэн тахса га сири сиэбит 8 ойуур баһаарын умуруордулар.
Олортон биир баһаар “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка сиригэр турбутун суһаллык суох оҥордулар.
Ол оннугар 3 тыһ. га кэриҥэ иэннээх 19 саҥа ойуур баһаара булулунна.
От ыйын 26 күнэ үүнэр сууккатыгар 10 тыһ. га иэннээх сиргэ 24 ойуур баһаара уонна 8 тыһыынчаттан тахса га сиргэ 3 ландшафтнай баһаар буола турар. Олору умуруорага 300-тэн тахса киһи үлэлиир.
8 ойуур баһаара Томпо улууһугар, 7 – Кэбээйи, 4 – Дьааҥы, 2 – Сунтаар, оттон Мииринэй, Таатта, Усуйаана улуустарыгар биирдии ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Анаабыр улууһугар 2 ландшафтнай баһаар, оттон Аллараа Халыма улууһугар биир оннук баһаар булулунна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: