Салгыы
307 хат дьахтар глюкозаны кэтиир тэрилинэн хааччылынна

307 хат дьахтар глюкозаны кэтиир тэрилинэн хааччылынна

03.12.2025, 17:00
Хаартыска: Сахагов.ру
Бөлөххө киир:

2025 сыл 11 ыйыгар Саха сиригэр диабетынан ыалдьар  307 хат дьахтар глюкозаны бастайааннай кэтээн көрөр систиэмэнэн хааччылынна диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, 2025 сылга бу сыалга 22 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай көрүллүбүт.

«Бу бырагырааманы олоххо киллэрии сүрүн көдьүүһэ — эрэгийиэн  географическай уратыларын учуоттаан туран, маннык систиэмэлэри туруоруу араас улуустарга ыарыһахтар туруктарын ыраахтан кэтээн көрөр кыаҕы биэрэр», — диэндоруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева  бэлиэтээтэ.

Оҕолонор кэмҥэ регистрацияламмыт уонна 1 уонна 2 көрүҥнээх диабеттаах, сорох түбэлтэҕэ гестационнай диабеттаах ыарахан дьахталларга глюкозаны тохтоло суох хонтуруоллуур систиэмэлэр (СНМГ) бэриллэллэр.

Саҥа технология көмөтүнэн, дьахталлар хааннарыгар саахар таһымын күнүстэри-түүннэри хонтуруоллуохтарын сөп, тарбахтарын элбэхтик, ыарыылаахтык тэһэ аспаттар. Систиэмэ диэн ыарыһах тириитигэр сыһыарыллыбыт кыра датчик. Глюкоза таһымын тохтоло суох кээмэйдиир уонна дааннайдары тута ыытар. Бу хат дьахтар доруобуйатыгар ханнык баҕарар уларыйыыларга түргэнник эппиэттииргэ, кини бэйэтин уонна төрүү илик оҕотун доруобуйатыгар кутталлаах түгэннэри сэрэтэргэ көмөлөһөр.

Бу тэрили анааһын туһунан быһаарыыны терапевтар, дьиэ кэргэн быраастара, эндокринологтар эбэтэр акушердар/гинекологтар хат дьахтар доруобуйатын туругуттан көрөн, ылыналлар.

Глюкоза кээмэйин тохтоло суох хонтуруоллуур систиэмэ саахар диабетынан ыалдьар ийэлэргэ мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын биллэ тупсарар, доруобай оҕолор төрөөһүннэригэр көмөлөһөр уонна ыарахан патологиялар үөскүүр кутталларын кыччатар.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/16387

Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: