Салгыы
340 байыас реабилитацияны ааһарыгар көмөлөстүлэр

340 байыас реабилитацияны ааһарыгар көмөлөстүлэр

03.09.2024, 17:31
Хаартыска: "Сахапарламент"
Бөлөххө киир:

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда филиала 340 киһиэхэ көмөнү оҥордо. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөстүлэр. Бу туһунан филиал салайааччытын солбуйааччы Татьяна Никифорова брифиҥҥэ кэпсээтэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

— 340 киһи мэдиссиинэ реабилитациятын аастылар. 1400 киһиэхэ психологическай көмө оҥоһулунна. 160 киһи Москваҕа «Бэс Чагда», Дьокуускайга «Абырал, «Чэбдик» санаторийдарга эмтэннилэр. Барыта 3 тыһыынчаттан тахса киһи мэдиссиинэ боппуруостарынан биһиги пуондабытыгар кэлэ сырытта, — диэн кини кэпсээтэ.

Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр диспансеризация үлэтэ ыытылла турар. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 519 бэтэрээн диспансеризацияны ааспыт.

Байыаннай дьайыыга эчэйии, бааһырыы, контузия, инбэлииккэ таһаарыы РФ бырабыыталыстыбатын  835 №-дээх уурааҕынан быһаарыллар, социальнай көмө оҥоһуллар. Донбаһы көмүскээччилэргэ, чааһынай байыаннай хампаанньалар үлэһиттэригэр эмиэ сыһыаннаах.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиала Дьокуускайга Ойуунускай уулуссатын 41/1 №-дээх дьиэтигэр баар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: