Салгыы
3460 сыллааҕыта олорбут эһэ бүтүн өлүгүн буллулар

3460 сыллааҕыта олорбут эһэ бүтүн өлүгүн буллулар

16.12.2022, 14:35
Бөлөххө киир:

2020 сыллаахха Улахан Лээхэп арыытыгар табаһыттар ирбэт тоҥҥо сытар хагдаҥ эһэ бүтүн өлүгүн булбуттара. Бу эһэ 3460 сыллааҕыта олоро сылдьыбыта биллибитэ. ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу эһэ өлүгэ ирбэт тоҥҥо олус үчүгэйдик хараллан сыппыт.

Учуонайдар аан бастаан бу маннык үчүгэйдик хараллыбыт кыылы иҥэн-тоҥон үөрэппиттэр. Урут уҥуохтарын, чөмчөкөлөрүн эрэ үөрэтэллэр эбит. Научнай чинчийии түмүгүнэн, хагдаҥ эһэлэр Сибиир хотугу, илиҥҥи өттүгэр хайдах тарҕанан, сайдан кэлбиттэрин быһаараллар. Генетическэй уонна радиоуглероднай чинчийии түмгүнэн, бу эһэ мууска 3460 сыл сыппыта биллибит.

Геном анаалыһын түмүгүнэн, килиэккэтин митохондриальнай ДНК-та билигин Саха сиригэр уонна Чукоткаҕа баар эһэлэр гиэннэригэр майгынныырын быһаарбыттар. Бу чинчийиилэри Арассыыйатааҕы научнай пуонда гранын үбүнэн оҥорбуттар.

ХИФУ Сэлии мусуойун лабораториятын сэбиэдиссэйэ Максим Чепрасов этэринэн, учуонайда эбии томографическай уонна морфологическай чинчийиилэри оҥорбуттар. Ол түмүгүн научнай сурунаалга таһаарыахтаахтар. Сотору кэминэн 3D-сканирование уонна 3D-фотограмметрия оҥоһуллуохтаах. Олунньу ыйга иһин арыйан, араас микробиологическай, вирусологическай, гистологическай, о.д.а. чинчийиилэри оҥоруохтара.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: