Ааспыт ыйга Ийэ күнүгэр бырабыыталыстыба дьиэтин мааны саалатыгар элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарбыттара. Онно 10 оҕолоох Афанасия Конобуловаҕа Ил Дархан Дьоруой ийэ уордьанын туттарбыта. Мустубут дьон бары бу эдэркээн, кэрэчээн кыыс-дьахтар хайаан 10 оҕолооҕуй уонна өссө 11-с оҕотун сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьарый диэн сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Бүгүн Сунтаар Кэмпэндээйитигэр олорор Конобуловтар улахан дьиэ кэргэннэрин билиһиннэрэбит.
Былыр саха дьахталлара сүүрбэччэтэ, отуччата төрүүллэрин билэбит. Ыарахан олох буолан, ол оҕолортон аҥаардара эрэ тыыннаах хаалара. Ол да буоллар, төһө да ас-таҥас кырыымчыгын иһин, оччотооҕу дьахталлар доруобуйалара уйарын сөҕөҕүн эрэ. Ол да иһин саха норуота баччаҕа тыыннаах ордон кэллэҕэ.
Аныгы үйэҕэ маҕаһыыҥҥа атыыланар ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөн, олох уларыйан, кыргыттар, дьахталлар кыайан элбэхтик төрөөбөттөр, 1-2 оҕонон муҥурданаллар, оҕоломмот буолуу да элбэх. Үс оҕолонноххуна, элбэх оҕолоох аатыраҕын. Оттон 40-50 сыллааҕыта 5 оҕо нуорма курдук буолара.
Билигин судаарыстыба өттүттэн көмө, өйөбүл элбэх. Доруобуйа уйар буоллаҕына, элбэх оҕолонуу диэн дьол буоллаҕа. Кырдьар сааскар ыччатыҥ тэнийэн, оҕолоруҥ мааныларыгар, тапталларыгар сууланан олорортон ордук дьол бу орто дойдуга баара буолуо дуо?
«Ийэ буолуу – улуу чиэс, улахан үлэ, ол иһин судаарыстыба таһымыгар өйөбүл хайаан да наада. Ийэ доруобуйатын харыстааһын инники күөҥҥэ тутуллар сорук, быйыл хат уонна оҕолорун эмтэрэр ийэлэри өйүүр тэрээһиннэр олохтоннулар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэн турар.
Оттон эдэр ийэлэр элбэх оҕолонортон куттаммат буолбуттара үөрдэр. Эмиэ Сунтаар Тэҥкэтиттэн төрүттээх 14 о5ону төрөппүт Айталина Максимова билигин Нам4а кийиит буолан олорор.
— Урут мин аатым атын этэ, —— диэн кэпсэтиини саҕалыыр Афанасия. – Инна диэн этим. Кэргэммин кытары арахсан баран, олохпун уларытар санааттан, ааппын эмиэ уларыппытым. Уруккуттан да ураты, сэдэх ааттары сөбүлүүбүн. Ол иһин Интэриниэти хасыһан, үчүгэйдик толкуйдаан баран, миэхэ, мин майгыбар сөп түбэһэр диэн бу ааты талбытым. Оҕолорум эмиэ бары ураты ааттаахтар…
Ол курдук, оҕолоро Аврора, Амина, Инесса, Северина, Агнесса, Арина, Ариан, уо.д.а. ааттаахтар. Үс уол уонна сэттэ кыыс. Улаханнара 16 саастаах, 9-с кылаас кэнниттэн Дьокуускайга баран, повар идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Быйыл биир кыыс эмиэ 9-с кэнниттэн үөрэнэ барар диэн соруктаах. Оҕолор бары оскуолаҕа үөрэнэллэр уонна уһуйааҥҥа сылдьаллар.
Афанасия Кэмпэндээйигэ төрөөбүтэ, улааппыта. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Аҕалара эрдэ өлөн, ийэлэрэ кинилэри соҕотоҕун иитэн, атахтарыгар туруорбута, барыларын үөрэттэрбитэ. Ийэлэрэ билигин 20-чэ сиэннээх баай эбээ. Оҕо көрсөн көмөлөһөр.
Кыысчаан кыра эрдэҕиттэн ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, бэл, “Хотугу сулус” куонкуруска кыттара. Онон музыкальнай училищеҕа туттарсан киирбитэ. Аҕата эмиэ ыллыыр этэ, уһуйааҥҥа музыкальнай салайааччынан үлэлээбитэ. Онон аҕаларын туйаҕын хатаран, бииргэ төрөөбүттэр бары ырыаларын тута сылдьаллар, бырааһынньыктарга ыллыыллар, күрэстэргэ кытталлар.
Афанасия кэнники Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка кэтэхтэн үөрэнэн, иитээччи идэтин ылбыта. Билигин уһуйааҥҥа иитээччинэн уонна музыкальнай салайааччынан 14-с сылын үлэлиир.
Кэргэнин кытары уон сыл олорон баран, арахсыбыттара. Онно сэттэ оҕолоох этилэр. Олоххо араас буолар… Оҕолорун аҕалара билигин төһө да суут быһаарыыта баарын иһин, алименын төлөөбөт, оттон иэһэ мунньуллан иһэр.
“Элбэх оҕолонуу – ыйааҕым быһыылаах…”
— Афанасия, наһаа хорсун санаалаах эбиккин дии. Оҕолоргун соҕотоҕун кэриэтэ иитэҕин уонна өссө оҕолонортон толлубат эбиккин…
— Дьиҥинэн, 10 оҕо да, 11 оҕо да син биир дии саныыбын. Элбэх оҕоҕо үөрэнэн хаалбыппын. Кэмпэндээйигэ мин улахан истээх сылдьарбын көрөн, соһуйбат да буолбуттар. “Элбэх оҕону хайдах иитиэҥий, тохтоо” диэччилэр да бааллар. Ол эрээри дьон саҥатыттан толлубаппын. Таҥара иитэр кыахтаах диэн оҕону биэрэр дии саныыбын. Элбэх оҕо – улахан дьол. Кырдьар сааспар төгүрүк сыл биирдии ый оҕолорбун кэрийэн олоруом диибин (күлэр). Оҕолорбун барыларын хайаан да үөрэттэриэм, үчүгэй дьон оҥортуом диэн бигэ эрэллээхпин, санаам күүстээх.
— Элбэх оҕолонуом диэн уруккуттан билэр этиҥ дуо?
— Биирдэ хат сырыттахпына бокуонньук убайым оонньуу-күлэ: “Ситэри 10 оҕону төрөтөр буоллаҕыҥ дии!” диэбит саҥата билигин да баар курдук. Ол эппитин өйбөр-сүрэхпэр иҥэрэн кэбиспиппин быһыылаах. Уопсайынан, оҕону түһэртэрэри аньыыргыыбын, утарабын. Таҥара бэлэх гынан биэрбитин киэр анньар, бүтүн киһини суох гынар курдук саныыбын. Онон үөскээтэҕинэ, төрөөн иһэбин. Ол кэнниттэн, эппинэн-сиимминэн сэрэйэн билэбин, арааһа, аныгыскыга эмиэ төрүүһүкпүн быһыылаах диэн. Оттон оннук ыйааҕым быһыылаах – дьиэбэр элбэх оҕо, үлэбэр – оҕо…
— Чахчыта, үлэҕэр да, дьиэҕэр да элбэх оҕо ньуу-ньаа саҥатыттан сылайбаккын дуо?
— Суох, сылайбаппын, үөрэнэн хаалбыппын. Биирдэ эмэ дьиэбитигэр уу чуумпу буоллаҕына, тэһийбэппин, хайдах эрэ чуҥкук баҕайы буолар. Оҕо эйгэтэ сырдык, ыраас. Ол иһин мин дьоллоох киһибин.
Конобуловтар бэйэлэрэ чааһынай дьиэлээхтэр, улахан остуоллаахтар, улахан иһиттээхтэр. Кыралар туспа остуоллаахтар, бэйэлэригэр сөп кыракый олоппостоохтор, онно туспа аһыыллар. Күөһү, ыһаарыны, дьэ, уонча лиитирэлээх улахан көстүрүүлэҕэ буһараллар. Уончалыы килиэби биирдэ атыылаһаллар. Ийэлэрэ атах этинэн, куулунан ас-үөл ылан хаһаанар.
Бары да хороччу улаатан эрэр кыргыттар буолан, дьиэни-уоту оҕолор бэйэлэрэ көрөн-истэн олороллор. Эдьиийдэрин тыла – сокуон. Иһити, дьиэни сууйууну, ас астааһынын, тэлгэһэ хаарын күрдьүүнү бары үллэстэн, этиппэккэ эрэ оҥорон, бүтэрэн-оһорон иһэллэр. Уруок ааҕарга бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ол быыһыгар кыраларын көрөллөр, уһуйааҥҥа илдьэллэр-аҕалаллар. Өрөбүл аайы бары мустан бурдук ас буһарар үгэстээхтэр. Сайынын субуруһан сир астыы бараллар, онно оҥоойук аайы иһит түргэнник туолар.
Аны бары үөрэхтэригэр үчүгэйдэр, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтөр, ыллаан-үҥкүүлээн кэнсиэртэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кытталлар. Сыанаҕа кэтэр таҥастарын уларсыһан кэтэллэр.
— Дьэ, биир итэҕэһим – иистэммэппин. Баҕар, массыына баара буоллар, иистэнэ үөрэниэм этэ. Онон көстүүмү, маскарааты атыылаһабын, сороҕор сакаастаан тиктэрэбин, дьонтон уларсабын. Кыргыттарым бары бэйэм курдук модницалар, таҥналларын сөбүлүүллэр, ону утарбаппын. Ый аайы төрөөбүт күннэрин ылабыт. Ас бөҕө астаан, бэлэх биэрэн, үгэһи тутуһабыт. Кимиэнин эрэ ылбатахпытына, күнүүлэһии тахсар буоллаҕа. Оонньууру, таҥаһы ыллахха, барыларыгар тэҥҥэ ылыахха наада, — диэн ийэлэрэ кэпсиир.
Кырачааннар Саҥа дьылы тулуйбакка кэтэһэллэр. Тымныы оҕонньорго туох бэлэҕи баҕаралларын эрдэ суруйан ыыталлар. Сотору дьэрэкээн киэргэллээх харыйа күлүмүрдүү умайыа, ол анныгар уонча бэлэх кэтэһэн турар буолуо. Өссө Тымныы оҕонньор Хаарчаанатыныын киирэн кэлиэхтэрэ. Дьэ, сылаас эйгэлээх, сырдык дьиэҕэ үөрүү-көтүү үксүөҕэ, чуопчаарар саҥа-иҥэ элбиэҕэ!.
— Быйыл кыбартыыра атыылаһарга харчы, былырыын массыына биэрбиттэрэ. Онон куоракка кыбартыыра ыллыбыт. Дьоруой ийэ наҕараадатыгар бэриллибит 1 мөлүйүөнү ол дьиэни өрөмүөннүүргэ диэн бакаа уурдубут. Онно үөрэнэр оҕолорбут олоруохтара. Сайын аайы куоракка баран сайылыыбыт, күһүн осколаҕа бэлэмнэнэн, 2-3 дьааһык кэнсэлээрийэ табаарын илдьэ дойдубутугар кэлэбит.
Босуобуйа кэлэр буолан, оҕолорго таҥас-сап, саҥа миэбэл ылынныбыт. Урут харчыбыт аска эрэ тиийэрэ. “Сир уустара” үөрэтэр-чэбдигирдэр кииҥҥэ АЛРОСА бырагырааматынан элбэх оҕолоохторго ноутбук бэлэхтээбиттэрэ. Оҕолор билигин ону хото туһаналлар, — диэн Афанасия Ариановна махтанар.
Эдэр ийэ үлэтиттэн, дьиэтиттэн ордон, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор эмиэ кыттар. Кэнсиэртэргэ ыллыыр, үҥкүүлүүр, Хаарчаана да буолан ылар, хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһэр. Кэмпэндээйигэ саҥа таас кулууп тутулла турар, эһиил киириэхтээх. Ону ол диэбэккэ, тэрээһин бөҕө буолар, тыа сиригэр олох оргуйан олорор.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…