35 сыл устата — доруобуйаларынан хааччахтаах дьон быраабын көмүскэлигэр

35 сыл устата — доруобуйаларынан хааччахтаах дьон быраабын көмүскэлигэр

14.08.2023, 09:35
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Сотору кэминэн Саха сиригэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбалара тэриллибитэ 35 сылын туолуоҕа. Бу үбүлүөйдээх күнү көрсө уопсастыба салайааччыта Ирина Васильевна Лебедеваны кытары кэпсэттим.

Кыым саҕаттан саҕыллыбыт кутаа

— Ирина Васильевна, отут биэс сыл анараа өттүгэр кып-кыра кыымтан саҕыллан, күн бүгүн үлүскэн үлэтинэн кытыаста кутааланан, ситиһиилэринэн биллэр улахан уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччытын быһыытынан бэйэҥ көрүүгүн билиһиннэриэҥ дуо?
— Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларын тэрээһин мунньаҕа 1988 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр ыытыллыбыт. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 60 дэлэгээт кэлэн, уопсастыба тэрийиэххэ диэн мунньахтаан быһаарбыт. Итинтэн ыла күн бүгүнүгэр диэри биһиги тэрилтэбит улахан уопсастыбаҕа кубулуйда.
Уопсастыба сүрүн үлэтинэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон быраабын көмүскүүр, кинилэри киэҥ эйгэҕэ таһааран кэпсиир эбит буоллаҕына, уопсастыба үөскүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри ити соруктарын толорон, киэҥ далааһыннаах күүстээх үлэни ыытар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 тыһыынчаттан тахса доруобуйатынан хааччахтаах дьон баарыттан, уопсастыба ити аҥаарын кэриҥэ киһини хабан үлэлии-хамсыы олорор. Бүгүҥҥү туругунан, биһиги уопсастыбабытыгар 30‑ча тыһыынча инбэлиит учуокка турар. Өрөспүүбүлүкэ 31 улууһугар тэрилтэлэрдээхпит, ону таһынан дэриэбинэлэргэ маҥнайгы сүһүөх диэн кыра тэрилтэлэр бааллар. Итилэр бары араас өрүттээх үлэни ыыта олороллор.
 Ханнык баҕарар эйгэҕэ, уопсастыбаҕа кыһалҕалар бааллара кистэл буолбатах. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ханнык кыһалҕаттан, ыарахаттартан сиэттэрэн эһиэхэ кэлэллэрий?
— Оннук, үксүн үлэ, дьиэ-уот боппуруоһунан кэлэннэр, сүбэ-ама ылан бараллар.
Быраап, сокуон өттүнэн көмүскүүр туһуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр киһи быраабын боломуочунайа Сардаана Михайловна Гурьеваны кытары сөбүлэһии түһэрсэн, ыкса ситимнээхтик үлэлии-хамсыы олоробут. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ юриһа Геннадий Степанович Басыгысов уопсастыбабыт чилиэннэрин суукка бырааптарын көмүскээн, быһаарыылары көтүрэргэ күүстээх үлэни ыытар.
Кэнники кэмнэргэ биһиги үлэлээх буолууга үлэлэһэбит. Арассыыйа бырабыытылыстыбата, СӨ Ил Дархана, бырабыыталыстыбата, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттара доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо улахан болҕомтону ууран үлэлииллэр. Ол курдук, үлэнэн хааччыйыыга РФ бырабыыталыстыбатын 366‑с уурааҕын толорууга тэрилтэлэри кытта күүстээхтик үлэлэһэбит. Былырыын эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы үлэлээх буолуу пуорумун ыытаммыт, 4 киһи үлэнэн хааччыллыытыгар төһүү күүс буолбуппут. Балаҕан ыйыгар Сбербааны кытары сөбүлэһии түһэрсэн, 19 киһи үлэнэн хааччыллыбыта. Быйылгы сылга тэрилтэлэри кытта үлэлэһэммит, элбэх киһи үлэлиир кыахтанна. Манна Үлэлээх буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин кэлэктиибин тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын. Биһиэхэ сүбэлээн-амалаан биэрэллэригэр махталбын тиэрдэбин. Үлэлээх буолуу кыһалҕатын итинник быһаара сатыыбыт.
Аны наһаа элбэх киһи дьиэ-уот боппуруоһугар кэлэр. Бу кыһалҕаны быһаарарга Ил Түмэни, бырабыыталыстыбаны кытары быһаччы үлэлэһэ олоробут. Уопсайынан, дьиэ кыһалҕатын боппуруоһа өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйа үрдүнэн сытыытык турар. Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба бэрэссэдээтэлэ, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Михаил Борисович Терентьев ити боппуруоһу быһаарсарга күргүөмнээх үлэни ыыта сылдьар.

Бастыҥ дьоммутунан киэн туттабыт

 Ханнык социо-култуурунай тэрээһиннэр ыытыллаллар?
— Уопсастыба иһинэн араас быыстапкалар, бэстибээллэр, күрэхтэр, кэнсиэртэр, успуорт бэстибээллэрэ ыытыллаллар. Күн бүгүн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут успуорт
өттүгэр улахан ситиһиилэрдээхтэр, ону киэн тутта кэпсиибит. Алена Дмитриева, Виктория Петрова, Ринат Жангиров улуустар икки ардыларынааҕы култуура-успуорт бэстибээлиттэн үүммүттэрэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
Култуура салаатыгар туйгун үлэһиттэр: ырыаһыттар, бэйиэттэр, иистэнньэҥнэр, уустар бааллар. Норуот маастарыгар тиийэ үүммүт Лука Николаевынан, Елена Петрованан, Валентина Стручкованан киэн туттабыт.
— Доруобуйатынан хааччахтаах диэн МСЭ-тэн быһаарыылаах дьон бу уопсастыбаҕа хайдах киирэр?
— Уопсастыбаҕа чилиэнинэн киириэн баҕарар буоллаҕына, үөһээ эппитим курдук, улуустарга тэрилтэлэрдээхпит, онно тиийэн сайабылыанньа суруйуон сөп.
 Биирдиилээн инбэлииккэ көмө хайдах оҥоһулларый?
— Харчынан, кубуотанан биир кэмнээх көмөнү оҥоробут, түөрт тыһыынча бэриллэр. Бу харчы Москваттан Киин бырабылыанньаттан көрүллэр.
 Дьон туһугар үлэлиир уопсастыба инники былааныгар туох үлэ кэтэһэрий?
— Үлэнэн хааччыллыыга, дьиэ-уот туруорсуутугар уонна үөрэхтээһиҥҥэ үлэлэһэр
былааннаахпыт.
Билиҥҥи олох ирдэбилинэн түргэн-тарҕан туттунуу, саҥаны сэҥээрэн ылыныы, үчүгэйи батыһыы — биһиги тэрилтэбит үлэтин сүрүн толкуйугар сөп түбэһэр.
— Ирина Васильевна, үлүскэн үлэҥ быыһыгар соло булан кэпсэппиккэр махтанабын! Инникигэ эрэллээх, дьулуһуулаах уопсастыба үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын.

Ньургуйаана СКРЯБИНА, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: