360 тыһ. солкуобай — судаарыстыбаттан бэлэх

Share

Быйылгыттан Арассыыйаҕа саҥа судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлээн саҕалаата. Бу өр кэмҥэ харчыны мунньунууга туһуламмыт бырагыраамаҕа судаарыстыба 360 тыһ. солкуобайга диэри харчыны бэлэхтиир.

Уһун болдьохтоох уурунуу бырагырааматыгар (программа долгосрочных сбережений) киирсэн, харчы мунньунуоххутун эбэтэр биэнсийэҕэ эбии харчыны ылыаххытын сөп.

Маннык бырагыраама урут эмиэ үлэлии сылдьыбыта. 2008 сыллаахха “Биэнсийэни мунньунууга кыттыгас үбүлээһин бырагыраамата” (программа софинансирования пенсионных накоплений) үлэлии сылдьыбыта. Бу бырагыраамаҕа 2014 сыл ахсынньы 31 күнүгэр эрэ диэри киирэр кыах баара.

Бу кыттыгас бырагыраамаҕа киирбит киһи ыйга 1‑дии тыһ. солкуобайы, ол эбэтэр сылга 12 тыһ. солкуобайы уктаҕына, судаарыстыба эмиэ соччо сууманы — 12 тыһ. солкуобайы биэрэр этэ. Бырагыраама 10 сыл болдьохтоох, ол эбэтэр  10 сыл устата киһи бэйэтэ 120 тыһ. солкуобайы мунньар, судаарыстыба эмиэ 120 тыһ. солкуобайы биэрэр, барыта — 240 тыһ. солкуобай буолар.

Бу барыта киһи кэлин ылыахтаах биэнсийэтигэр эбии буолан, мунньулла сытар. Дьахтар 50, эр киһи 55 сааһыгар бу мунньуллар биэнсийэтин барытын биирдэ уурдаран ылыан сөп.

Мунньуллар биэнсийэ диэн — үлэни биэрээччилэр 2002–2013 сылларга төлөөбүт усунуостарыттан уонна дьон кыттыгас үбүлээһин бырагырааматыгар киирэн, бэйэлэрэ төлөөбүт усунуостарыттан эбэтэр  Ийэ хапытаалын сууматыттан турар.

Бу 2002–2013 сылларга мунньуллубут үп үгүс дьоҥҥо ортотунан, 250–400 тыһ. солкуобай буолар. Бу суумаҕа кыттыгас үбүлээһин бырагырааматыгар киирэн мунньубут 240 тыһ. солкуобайа эбиллэн, син ботуччу сууманы биирдэ олордон ылыахха сөп этэ.

Ол саҕана бу кыттыгас үбүлээһин бырагырааматыгар киирбит киһи аҕыйах этэ. Сорох билбэтэҕэ буолуо, ол эрээри: “Уу, ол хаһан ылан туһанаары! Онуоха диэри барытын инфляция сиэҕэ!” диэччилэр эмиэ бааллара.

Чахчы, инфляция төһө эрэ бырыһыанын сиэбитэ буолуо, ол эрээри, судаарыстыбаттан 120 тыһ. солкуобайы бэлэхтэппит куһаҕан буолуо этэ дуо? Ол эбэтэр  мунньуммут харчыҥ 100% үрдээбитин курдук буолар буоллаҕа.

Сорох киһи “судаарыстыбаттан туох да көмөнү ылбатым” диэн муҥатыйар. Оттон маннык кыттыгас бырагыраамаларга ким баҕарар кыттыһар кыахтаах ээ.

Усулуобуйата хайдаҕый?

Уһун болдьохтоох мунньунуу бырагырааматыгар кыттыы — баҕа өттүнэн. Атын киһи аатыгар эбэтэр  оҕоҕо эмиэ дуогабар түһэрсиэххэ сөп.

Киһи сылга муҥутаан 36 тыһ. солкуобайы мунньар (ол эбэтэр  ыйга — 3000 солкуобайы угар). Оччоҕо судаарыстыба эмиэ төһөнү укпуккунан, 36 тыһ. солкуобайы биэрэр. Бу бырагыраама кыттыгас үбүлээһинин болдьоҕо 10 сыл устата үлэлиир, оччотугар киһи бэйэтэ 360 тыһ. солкуобайы мунньар уонна 360 тыһ. солкуобайы судаарыстыба биэрэр.

Маны таһынан, бу мунньуллар сууматтан нолуоктан көҕүрэтиини (налоговый вычет) ылыахха сөп. Төһө НДФЛ нолуогу төлөөбүккүттэн көрөн, 13%-нын, ол эбэтэр  сылга 50–60 тыһ. солкуобайы төнүннэриэххэ сөп.

Өссө бу мунньулла сытар суума инвестицияланан, сылга 10–20% дохуоту эбии аҕалыан сөп.

Судаарыстыба бу мунньуллар харчыны харыстыырын мэктиэлиир. Бырагыраамаҕа угуллубут харчыны — 2,8 мөл. солкуобайга диэри сууманы судаарыстыба страховкалыыр. Ол эбэтэр  туох эрэ буолар түгэнигэр, судаарыстыба сүтэриллибит сууманы толору (2,8 мөл. солкуобайга диэри) төнүннэрэр.

Аны мунньуллубут суума дуогабарга ыйыллыбыт нэһилиэнньиктэргэ нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллэр. Нэһилиэнньик ыйыллыбатах буоллаҕына, чугас аймахтара ылыахтарын сөп. Ол эрээри, киһи бу мунньубут сууматыттан номнуо ылан туһана сылдьан баран, өлбүт буоллаҕына, нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллибэт.

Кэргэнтэн араҕыстахха, бу суума үллэһиллибэт уонна тыытыллыбат. Ый аайы төлөбүр кыраапыга суох, бэйэҥ баҕаҕынан хаһан баҕарар харчы угаҕын.

Бигэргэммит дохуота суох киһи, бэйэ дьарыктаах, урбаанньыт бу бырагыраамаҕа киирсиэхтэрин сөп.

Мунньуллубут сууманы эрдэ ылыахха сөп дуо?

Киин Баан иһитиннэрэринэн, ыарахан сыаналаах эмтэниини төлүүргэ, иитэр-аһатар киһини сүтэрдэххэ, о. д.а. түгэннэргэ мунньубут сууманы 100% толору ылыан сөп. Маннык түгэҥҥэ судаарыстыба биэрбит кыттыгас харчыта, нолуоктан төнүннэрии эмиэ бэриллэр.

Бырагыраамаҕа киирэн баран, 15 сыл ааспытын кэннэ эбэтэр  дьахтар 55, эр киһи 60 сааһын туолбутун кэннэ, мунньуллубут сууматтан ый аайы төлөбүрү ылан барыахха сөп. Хайдах ылыахха сөбүй?

Бастакытынан, 10 сыл иһинэн төлөнөн бүтэрин курдук тэҥ суумаларга араартаан, ый аайы ылыахха сөп. Иккиһинэн, үйэҥ тухары ылар курдук суоттаныахха сөп. Дуогабарга атын барыйаан эмиэ баар буолуон сөп — барытын биирдэ уурдаран ылар эбэтэр  10 сылтан кыра болдьоххо да ый аайы ылар кыах баар.

Хайдах киирэбит?

Аан бастаан бырагыраамаҕа киирэргэ Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатын (НПФ) кытта дуогабар түһэрсиэххэ наада. Бу пуонда булгуччу Бырагыраама оператора буолуохтаах.

Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондата мунньуллар харчыны судаарыстыбаннай сыаналаах кумааҕыларга, корпоративнай облигацияларга, аахсыйаларга уган, инвестициялаан, сууматын үлүннэрэр. Манан инфляцияны куоһарыахтаах. Пуонда мантан атын сыалга бу харчыны туһанар бырааба суох.

“Сбер” уонна да атын судаарыстыбаннай бааннар бу бырагырааманы хото туһанан эрэллэр. Холобур, “Сбер” мобильнай сыһыарыытыгар киирэн, бэрт түргэнник дуогабардаһыахха сөп. Манна “Сбербаан” биэнсийэҕэ пуондатын кытта дуогабар түһэрсэҕин. Бу мобильнай сыһыарыыга киирэн, калькуляторынан аахтаран көрүөххүтүн сөп.

“Барыстаах уурунуу”

Татьяна Иванова, “Газпромбаан” үлэһитэ:

— Биһиэхэ 25%-наах уурунуу баар. «Перспективные сбережения» кылааты 3 ыйга, 6 ыйга, 1 сылга арыйыахха сөп. Аан бастаан кыччаабыта 30 тыһ. солк., онтон сылы быһа кыччаабыта 36 тыһ. солк. угаҕыт. Тэҥинэн судаарыстыбаттан кыттыгас үбүлээһин бырагырааматыгар пуонданы кытта дуогабар түһэрсэҕит. 10 сылга 360 тыһ. солк. биэриэн сөп. Нолуоктан 60 тыһ. солк. диэри төнүннэриэххэ сөп. 2,8 мөл. солк. диэри суума страховкаланар. Инвестиционнай дохуот баар буолар.

Мунньуллубут харчыны барытын биирдэ, эбэтэр, ый аайы ылар төлөбүр курдук оҥорторуохха сөп.

Калькуляторынан ааҕыы

Салгыы “Газпромбаан” саайтыгар киирэн, анал калькуляторынан ааҕан көрдүм:

Аан бастаан 30 тыһ.солк. угабын, онтон ый аайы 3 тыһ.солк. уган иһэбин. 10 сылы быһа мунньабын. Дьэ, онтон төһөнү ылабыный?

Мунньуллубут харчы — 390 тыһ.солк.

Инвестиционнай дохуот — 550 тыһ.солк.

Судаарыстыбаттан кыттыгас үбүлээһин — 360 тыһ.солк.

Нолуоктан төнүннэрии — 46 тыһ.солк.

Биирдэ барытын ыларга мунньуллубут суума — 1,3 мөл.солк.

Ол эбэтэр, 10 сыл устата мунньан, бары бырагыраамаларга кыттыстахха, түмүгэр 1,3 мөл.солк. ылаҕын диэн ааҕан таһаарда, бу мантан бэйэм укпут харчым 390 тыһ. солк. эрэ. Барыстаах буолбатах дуо?

Арассыыйаҕа

2024 сыл атырдьах ыйдааҕы туругунан, 1 мөлүйүөнтэн тахса киһи 55,4 миллиард солкуобай суумалаах дуогабары номнуо түһэрсибит.

What’s your Reaction?
+1
17
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

12 часов ago