3877 ыал баһаары сэрэтэр тэрили туруорда
14.06.2024, 17:00
Хаартыска: Баһаары утары сулууспа.
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Баһаары таһаарыма — АДПИ-ны туруор!» диэн социальнай аахсыйа ыытыллар. Ол чэчритинэн, 3877 ыалга 4160 баһаары сэрэтэр тэрил (АДПИ) туруорулунна диэн Судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспа иһитиннэрэр.
Аахсыйаҕа сулууспа 1317 үлэһитэ кыттыбыт. Аахсыйа кыттыылаахтара тэрили бэйэлэрэ атыылаһаллар уонна дьиэлэригэр туруораллар. Көмөлөһө таарыйа, атын дьон дьиэтигэр да туруоруохха сөп. Маннык тэрили анал маҕаныыннартан ылыахха сөп. Сыллата баһаартан 50 киһи суорума суолланар, дьиэ-уот, баай уокка былдьанан, мөлүйүөнүнэн ороскуот тахсар.
Баһаарга дьон үксүгэр уокка сиэтэн буолбакка, дьааттаах буруоттан тумнастан өлөр. Онон бу маннык тэрили туруорар көдьүүстээх. Бу тэрил буруо таҕыстар эрэ, улаханнык тыаһаан, утуйа сытары да уһугуннарар, болҕомтону да тардар.
Онон баһаары сэрэтэр тэриллэр элбэх киһи олоҕун быыһаабыттара, көдьүүстээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Дьиҥэ, сыаната да удамыр, онон бэйэҕэ эрэ буолбакка, билэр дьоҥҥутугар эмиэ туруоруҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: