390 тыһ. солк. сыттык анныттан сойбоппут…

390 тыһ. солк. сыттык анныттан сойбоппут…

Ааптар:
10.09.2024, 11:37
Хаартыска: https://pxhere.com/
Бөлөххө киир:

Күннэтэ кэриэтэ уоруу араас түбэлтэтэ тахса турар. Бу күннэргэ Дьокуускай куорат полициятын 1-кы нүөмэрдээх отделыгар 390 тыһ. солк. уордарбыт дьахтартан сайабылыанньа киирбит.

Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрин суһал-ирдиир үлэлэрин түмүгэр,  уорбаланааччы ким буолара биллибит. Ол курдук эмсэҕэлээччи  билэр дьахтара эбит.

Кинилэр бииргэ арыгы испиттэр, ол кэннэ эмсэҕэлээччи харчытын сыттыгын анныгар кистээн  баран  утуйан хаалбыт. Уорбаланааччы дьүөгэтэ утуйа сытарын туһанан, сыттык анныттан харчыны ылбыт.  Уорбут харчытын бэйэтин наадатыгар туттубут.

Билигин уоруйах дьахтарга РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 3 чааһынай холуобунай дьыала көбүтүлүннэ диэн ИДьм пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
8
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: