4 тыһыынчаттан тахса сэдэх кинигэни чөлгө түһэриэхтэрэ

Share

2030 сылга диэри 4 тыһыынчаттан тахса  кинигэ уонна докумуон, ол эбэтэр  80%-на реставрацияланан оҥоһуллуоҕа диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эттэ. Кини консервация уонна реставрация эрэгийиэннээҕи киинин аһыллыытыгар сыһыаннаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ кытынна.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

— Национальнай бибилэтиэкэҕэ консервация уонна реставрация эрэгийиэннээҕи киинин аһыллыыта өрөспүүбүлүкэ култуура уонна үөрэҕирии эйгэлэригэр улахан суолталаах. Манна устуоруйаҕа, култуураҕа, наукаҕа улахан суолталаах докумуоннары, кинигэлэри тиһиктээхтик сөргүтүөхтэрэ, чөлүгэр түһэриэхтэрэ уонна кичэллээхтик харайыахтара. Онон хотугу норуоттар тылларын, үгэстэрин, култуураларын кэлэр көлүөнэлэргэ харайан хаалларыахпыт,  — диэн кини эттэ.

Бу кииҥҥэ 8 анал идэлээх исписэлиис үлэлиир. Кинигэни чөлүгэр түһэрэр  кыахтаах 82 анал тиэхиникэ кэлбитэ. 2030 сылга диэри Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэҕэ үлэһиттэр сыл аайы баран үөрэниэхтэрэ.

СӨ бибилэтиэкэлэрин пуондатыгар билигин 10 мөлүйүөнтэн тахса докумуон хараллар, ол онтон  30,9 %-нара чөлүгэр түһэриигэ наадыйаллар. 4 тыһыынча кэриҥэ сыаналаах докумуоннар, ол иһигэр букатын сэдэх кинигэлэр бааллара биллэр. 

Ол курдук, бастакынан «Тексты православных молитв и богослужений» диэн XVIII үйэтээҕи былыргы славянскай тылынан суруллубут кинигэни чөлүгэр түһэрдилэр. «Сырдык» диэн «Саха ыччата» куруһуок чилиэннэрэ илиинэн суруйбут сурунаалларыгар (эрэдээктэр Асклипиодот Рязанскай) анал харайар хоруопканы кислотата суох хортуонтан оҥордулар.

Чөлүгэр түһэриини сэргэ, 7 тыһыынчаттан тахса докумуону дезинфекциялыахтара, 10 тыһыынчаттан тахса кинигэни саҥаттан тастыахтара. Бу кииҥҥэ реставрационнай мастарыскыайдар, тастыыр сыах, консервация учаастага, лаборатория, үөрэтэр кылаас бааллар.

2023 сыллаахха Национальнай бибилэтиэкэ СӨ култуураҕа, духуобунай сайдыыга министиэристибэтин өйөбүлүнэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ пуондаларын туругун чинчийии икки түһүмэҕин ааһан, федеральнай куонкуруска кыайан, маннык киин аһылларыгар суол аһыллыбыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

12 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

13 часов ago