4 тыһыынчаттан тахса учуутал биэнсийэҕэ эрдэ таҕыста

Share

Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин учууталлара  эрдэ биэнсийэҕэ тахсар бырааптаахтар. 2025 сыл саҕаланыаҕыттан, итинник быраабынан 11 педагог туһанна.

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар итинник быраабынан барыта 4078 учуутал туһаммыта.

Учууталлар тустаах дуоһунастарга уонна тэрилтэлэргэ, РФ бырабыыталыстыбатын бигэргэтиитинэн, 25 сыл устата педагогическай ыстаастаах уонна сөптөөх  биэнсийэ коэффициенын (2025 сылтан — 30) мунньубут буоллахтарына, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар.

 2023 сылтан саҕалаан, ирдэнэр ыстаас мунньуллубутун кэннэ, биэс сылынан биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп.

 Учууталлар эрдэ биэнсийэҕэ тахсыыларын быһаарарга, үлэлээбит ыстаастарын ааҕарга быраабылалар бааллар. Холобур, үөрэнии кэмнэрэ уонна эбии идэлээх үөрэхтээһин, ол иһигэр квалификацияны үрдэтии куурустара билигин ыстааһы ааҕыыга учуоттаналлар.

Үөрэхтээһин систиэмэтигэр 25 сыл учууталлаабытын кэннэ, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаахтарынан (предпенсионер) ааҕыллаллар уонна бу категориялаах гражданнарга көрүллэр бары чэпчэтиилэри ылар бырааптаахтар.

Ол курдук, учууталлар  эрдэ биэнсийэҕэ тахсар быраап олохтоммутун кэннэ биэс сыл ааспытын эрэ кэннэ  тахсар кыахтаахтар. Холобур, учуутал педагогическай ыстааһа 2025 сылга 25 сыл буоллаҕына, эрдэ биэнсийэҕэ тахсар быраап 2030 сылга тосхойор.

Учууталлар ыстаастарыгар идэҕэ бэлэмнэнии уонна салгыы үөрэх кэмнэрэ, сыллааҕы уоппуска уонна «больничнай»  киирэллэр, өскөтүн үлэ биэрээччилэрэ бу кэмнэргэ кинилэргэ страховой усунуостарын төлөөбүт буоллахтарына.

Санатан эттэххэ, 2024 сылтан эрдэ биэнсийэҕэ тахсар бырааптаах учууталлар испииһэктэрэ кэҥээбитэ. Билиҥҥи испииһэккэ репетитордар, физкультура инструктордара, дириэктэр үөрэхтээһиҥҥэ уонна иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрэ киирэллэр.

Саха сиригэр 2 оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсар буоланнар, сорох учууталлар бу педагогическай ыстааһынан эрдэ тахсыыны туһаммат буолуохтарын сөп. Ол эрээри, биир оҕолоох, оҕото суох дьахталлар уонна эр дьон учууталлар бу бырааптарынан туһаналлара барыстаах.
Биэнсийэни быһаарыыга сүбэни Социальнай пуонда 8-800-100-00-01 нүөмэригэр эрийэн билсиэххитин сөп (босхо).

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

60 саас кэннэ иммунитет бөҕөргүүр дуо?

Киһи сааһыран истэҕин ахсын иммунитет систиэмэтэ уларыйар. Маннык уларыйыыны иммуносенесценция дииллэр. Киһи дьаҥтан, ол-бу ыарыыттан…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүү улууһун борокуратуурата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быраабын көмүскүүргэ миэрэ ылла

Үөһээ Бүлүү улууһун борокуратуурата олохтоох дьахтар үҥсүүтүнэн бэрэбиэркэ оҥордо. Ол курдук элбэх оҕолоох ийэҕэ бэриллиэхтээх…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Баайаҕаҕа Гаврил Андросов айар түһүлгэтэ

Баайаҕа сирэ – саха ураты түөлбэтэ. Саха тыына, тэтимэ диэн өйдөбүл хас да хаттыгастаах эбит…

46 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылардыын сэлэһии дьоро күнэ үүннэ

Нэдиэлэ бэһис күнэ ханна да олус түбүктээх, үгүс тэрээһиннэрдээх күн быһыытынан биллэр. Ол курдук,  алтынньы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ «Күөх ыллык» кииҥҥэ эрчиллэллэр

Аммаҕа  «Күөх ыллык» реабилитационнай кииҥҥэ  балаҕан ыйын  29 күнүттэн алтынньы 16 күнүгэр диэри олорон эрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Эдэр тутааччылар пуорумнара саҕаланна

Бүгүн, алтынньы 6 күнүгэр, "Молодой специалист - строитель будущего" диэн федеральнай таһымнаах пуорум пресс-конференцията буолла.…

3 часа ago