40 тыһ. кэриҥэ киһи саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көстүлэр
Саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрөр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн 40 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор дьиэлэрин тупсардылар. Ол туһунан тутуу миниистирэ Виктор Романов кэпсээтэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бу 2017 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри саахалланар туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрө сылдьаллар. Саха сиригэр 2025 сыл бүтүөр диэри 47 тыһ. киһи 918 тыһ. кв. м. дьиэттэн көһүөхтээхтэр.
“Бүгүҥҥү туругунан 40 тыһ. кэриҥэ киһи 728 тыһ. кв. м. олорор сиртэн көһөрүлүннэ. Бырагыраама 79,3 %-тан тахса туолла. Сорохтор саҥа дьиэҕэ киирдилэр, сорохтор харчынан ыллылар”, – диэн иһитиннэрдэ Виктор Романов.
Бу бырагыраама чэрчитинэн биэс сыл иһигэр 268 саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллубут. 2024-2025 сс. өссө 105 дьиэ киирэрэ күүтүллэр.
“Бу сыл бүтүөр диэри 77 дьиэ киирээри турар, онно 5734 көһөөччүгэ уопсай иэнэ 127 тыһыынча квадраттаах 2657 олорор сир ананан турар, оттон 2025 сыл бүтүөр диэри – өссө 28 дьиэ үлэҕэ киириэ, онно 1059 дьиэ кэргэн көһүө”, – диэтэ тутуу миниистирэ.
Бу сылга Дьокуускайга “Сулустаах” түөлбэҕэ, Өлүөхүмэ, Таатта, Нам, Алдан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Нерюнгри, Хаҥалас, уус Алдан, Абый, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар 37 дьиэ киирдэ.
СӨ Тутууга министиэристибэтигэр эппиттэринэн, саахалланар туруктаах дьиэ Дьокуускайтан ураты Алдан, Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Томпо оройуоннарыгар элбэх. Бырагыраама Арктика улуустарыгар эмиэ көхтөөхтүк үлэлии турар, онно 2025 сыл бүтүөр диэри 123 тыһ. кв иэннээх 402 саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: