Салгыы
400-тэн тахса киһи көмөнү ылла

400-тэн тахса киһи көмөнү ылла

01.08.2025, 13:31
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков телеграмм-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сайыҥҥы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөнү оҥоруу салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 10 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах төлөбүрү 469 киһи ылбыт. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Уу сыһыаннаһыыларыгар департаменын салайааччы Анисия Игнатьева брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

«От ыйын 19 күнүттэн биир кэмнээх үп-харчы көмөтүгэр уонна  баай-дуол сүтүүтүнэн сибээстээн үп-харчы көмөтүгэр сайабылыанньалары ылабыт. От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, уопсайа 2131 сайабылыанньа киирдэ, 524 быһаарыы ылылынна уонна 274 киһиэхэ аккаастанна. Онон барыта 469 киһиэхэ  10 590 000 солкуобай суумалаах төлөбүр ыытылынна”, — диэтэ Игнатьева.

Хаартыска: sakhagov.ru

Бастакы дааннайынан, Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар 382 тиэргэн ууга барбыт, онно 1387 киһи олорор. 127 олорор дьиэ, 1 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ, 14 ОДьКХ эбийиэгэ, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суол 82 учаастага, 5 сибээс эбийиэгэ уонна 1 култуура эбийиэгэ алдьаммыт.

“От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, сайыҥҥы халаантан бастакы хоромньу 217 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр, ол иһигэр 129 мөлүйүөн солкуобай тырааныспар инфраструктура эбийиэктэригэр, 15 мөл. солк. ОДьКХ эбийиэктэригэр, 3 мөл. солк. доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр, 1 мөл. солк. үөрэх эбийиэктэригэр, 52 мөл. солк. олорор дьиэҕэ, 16 мөл. солк. гражданнарга үбүлээһин көмөтө ыытылынна», — диэн Анисия Игнатьева бэлиэтээтэ.

Бары сонуннар
Салгыы
2 августа
  • 15°C
  • Ощущается: 15°Влажность: 88% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: