Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков телеграмм-ханаалыттан
Саха сиригэр сайыҥҥы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөнү оҥоруу салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 10 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах төлөбүрү 469 киһи ылбыт. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Уу сыһыаннаһыыларыгар департаменын салайааччы Анисия Игнатьева брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
«От ыйын 19 күнүттэн биир кэмнээх үп-харчы көмөтүгэр уонна баай-дуол сүтүүтүнэн сибээстээн үп-харчы көмөтүгэр сайабылыанньалары ылабыт. От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, уопсайа 2131 сайабылыанньа киирдэ, 524 быһаарыы ылылынна уонна 274 киһиэхэ аккаастанна. Онон барыта 469 киһиэхэ 10 590 000 солкуобай суумалаах төлөбүр ыытылынна”, — диэтэ Игнатьева.
Бастакы дааннайынан, Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар 382 тиэргэн ууга барбыт, онно 1387 киһи олорор. 127 олорор дьиэ, 1 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ, 14 ОДьКХ эбийиэгэ, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай суол 82 учаастага, 5 сибээс эбийиэгэ уонна 1 култуура эбийиэгэ алдьаммыт.
“От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, сайыҥҥы халаантан бастакы хоромньу 217 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр, ол иһигэр 129 мөлүйүөн солкуобай тырааныспар инфраструктура эбийиэктэригэр, 15 мөл. солк. ОДьКХ эбийиэктэригэр, 3 мөл. солк. доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр, 1 мөл. солк. үөрэх эбийиэктэригэр, 52 мөл. солк. олорор дьиэҕэ, 16 мөл. солк. гражданнарга үбүлээһин көмөтө ыытылынна», — диэн Анисия Игнатьева бэлиэтээтэ.
Бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, тыалырара, итиэннэ +28…
От ыйын 31 күнүгэр сарсыарда 8 чаас саҕана «Нам» айан суол 10-с биэрэстэтигэр массыыналар харсыһыыларынан…
Аллайыахаҕа хайдах күн-дьыл буолбутун туһунан Чокуурдаах олохтооҕо Иван Иванов маннык суруйда: -- Биһиэхэ сайыммыт бүттэ.…
Бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы зонатыгар гуманитарнай сырыыларынан Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ Запорожскай уобаласка биир…
Дьокуускайга Залог оройуонугар “3 №-дээх оскуола” тохтобулугар түспүт дьон Тимирязев уулусса диэки барыыга эрэйдэнэллэр. Маннык…
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Мак-2025» биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы суһал-сэрэтэр тэрээһин бастакы түһүмэҕэ ыытылынна. Онно өрөспүүбүлүкэ быраабы араҥаччылыыр структураларын…