42 байыас дьиэтигэр гааһы киллэрэргэ көмөлөстүлэр
20.09.2024, 13:30
Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:
Байыаннай дьайыы 42 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрини чилиэннэрэ олорор дьиэҕэ гааһы киллэрэргэ көмөлөһөр материальнай көмөнөн туһаннылар диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Материальнай көмөҕө гаас турбатын тардыы, дьиэҕэ киллэрии, гаас хочуолун, счетчигы, радиатордары, ыстаал турбалары атыылаһыы, тэриллэри ититии систиэмэтигэр холбооһун — барыта киирэр.
— Бу биирдэ бэриллэр материальнай көмө кыаммат уонна сорох категорияҕа хапсар дьоҥҥо оҥоһуллар. Олорор дьиэни гаастааһыҥҥа көмө суумата 150 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, — диэн миниистир эттэ.
Гаастааһыҥҥа материальнай көмөнү ылар туһунан сайабылыанньаны олорор сир дьаһалтатыгар, эбэтэр, социальнай көмүскэл управлениетыгар бэриллэр.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: