Салгыы
4,5 тыһыынча устудьуон Бэрэсидьиэн академиятыгар үөрэнэр

4,5 тыһыынча устудьуон Бэрэсидьиэн академиятыгар үөрэнэр

18.10.2024, 12:30
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Алтынньы 17-18 күннэригэр РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа  Арассыыйатааҕы академиятын (РАНХиГС) устудьуоннара уонна эдэр исписэлиистэрэ «Москваҕа Уһук Илин эрэгийиэннэрин күннэрэ-2024»(6+)” интерактивнай быыстапка экспозициятыгар кытыннылар.

РАНХиГС чахчытынан, биһиги дойдубутугар судаарыстыбаннай былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрин 80-тан тахса бырыаһыана –Академияны бүтэрбиттэр, ол гынан баран, иккис эбэтэр үһүс үөрэхтэрин ылбыттар буолаллар.

«Бэрэсидьиэн академията Уһук Илиҥҥэ сыл аайы 4,5 тыһыынчаттан тахса устудьуону үөрэтэр. Биһиги Хабаровскайга, Владивостокка, Петропавловскай-Камчаткаҕа уонна Читаҕа салаалардаахпыт. Билигин Бурятияҕа бэрэстэбиитэлистибэ аһылларга бэлэмнэнэр. Уһук Илин – сайдыы кэскиллээх хайысхата, Владимир Путин Уһук Илин ХХI үйэ бүтүөр диэри сайдыытын бэлиэтээбитэ. Биһиги, Бэрэсидьиэн академиятын быһыытынан, бу ыйыллыбыт хайысханы тутуһабыт”, — диэн РАНХиГС проректора Александр Ефремов эттэ.

Быыстапкаҕа сылдьыбыт дьон Уһук Илин федеральнай уокурук  туһунан  элбэх иһитиннэрии бэлэмнэммитин үрдүктүк сыаналаатылар. Үгүс устудьуон Уһук Илиҥҥэ бара сылдьыан баҕарарын туһунан эттэ, онтон сорохтор эрэгийиэни карьераны оҥостуохха сөп дойдунан сыаналаатылар.

Санатан эттэххэ, «Москваҕа Уһук Илин эрэгийиэннэрин күннэрэ-2024” тэрээһиннэрэ балаҕан ыйын 30 күнүттэн саҕаламмыттара. Бастакы түһүмэҕинэн  сэтинньи 1 күнүгэр диэри  Москва уонна Москваҕа уобалаһын үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар туруоруллар интерактивнай быыстапка экспозицията буолбута.

Бырайыак Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин аппаратын, Арассыыйаҕа Уһук Илини  сайыннарыы министиэристибэтин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын, “Социальнай көҕүлээһиннэри сайыннарыы пуондата” кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ өйөбүллэринэн олоххо киллэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: