49 кыраадыс тымныыга сүүрдүлэр
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ Арассыыйа 16 эрэгийиэниттэн (ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва куораттартан) уонна Саха сирин 13 улууһуттан анаан кэлбит 50-тан тахса спортсмен кытынна. Кыайыылаахтар кимнээҕий?
Бүгүн кылгас дистанцияларга сүүрүү буолла. Сарсын 42,2 уонна 50 килэмиэтиргэ сүүрүөхтэрэ. Күрэхтэһиигэ 18-тан 70-гэр диэри саастаах сүүрүүнү таптааччылар уонна идэтийбит спортсменнар кытталлар.
Бүгүн Өймөкөөҥҥө -49 кыраадыс тымныы этэ. 5 килэмиэтиргэ Полина Слободчикова, 10 килэмиэтиргэ — Алексей Кузько, 15 килэмиэтиргэ — Эдуард Ксенофонтов уонна 21,1 килэмиэтиргэ – Алексей Герасимов бастаатылар.
Маны тэҥэ, аан дойду чыпчаала — Эверест хайаны сахалартан бастакынан дабайбыт, Өймөкөөн олохтооҕо Евгений Кривошапкин 21,1 килэмиэтиргэ сүүрдэ.
Марафон Улуу Кыайыы 80 сылыгар уонна Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларыгар ананар.
Кыттааччылар бары бэйэлэрин аймахтарын — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын мэтириэттэрин илдьэ сүүрдүлэр. Таҥастарыгар бэтэрээннэр хаартыскалара уонна кылгас иһитиннэрии сыһыарыллыбыт.
Ыраахха сүүрэр ыараханын ааһан, кыһын тымныыга сүүрэр өссө ыарахан. Манна бэлэмнээх эрэ дьон тулуйар кыахтаахтар. Биэтэккэ кэлбит спортсменнар бары бэйэлэрин кыайыылара улахан ситиһии буолар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: