49 кыраадыс тымныыга сүүрдүлэр

Share

Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ Арассыыйа 16 эрэгийиэниттэн (ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва куораттартан) уонна Саха сирин 13 улууһуттан анаан кэлбит 50-тан тахса спортсмен кытынна. Кыайыылаахтар кимнээҕий?

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Бүгүн кылгас дистанцияларга сүүрүү буолла. Сарсын 42,2 уонна 50 килэмиэтиргэ сүүрүөхтэрэ. Күрэхтэһиигэ 18-тан 70-гэр диэри саастаах сүүрүүнү таптааччылар уонна идэтийбит спортсменнар кытталлар.

Бүгүн Өймөкөөҥҥө -49 кыраадыс тымныы этэ. 5 килэмиэтиргэ Полина Слободчикова, 10 килэмиэтиргэ — Алексей Кузько, 15 килэмиэтиргэ — Эдуард Ксенофонтов уонна 21,1 килэмиэтиргэ – Алексей Герасимов бастаатылар.

Маны тэҥэ, аан дойду чыпчаала — Эверест хайаны сахалартан бастакынан дабайбыт, Өймөкөөн олохтооҕо Евгений Кривошапкин 21,1 килэмиэтиргэ сүүрдэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Марафон Улуу Кыайыы 80 сылыгар уонна Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларыгар ананар.

Кыттааччылар бары бэйэлэрин аймахтарын — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын мэтириэттэрин илдьэ сүүрдүлэр. Таҥастарыгар бэтэрээннэр хаартыскалара уонна кылгас иһитиннэрии сыһыарыллыбыт.

Ыраахха сүүрэр ыараханын ааһан, кыһын тымныыга сүүрэр өссө ыарахан. Манна бэлэмнээх эрэ дьон тулуйар кыахтаахтар. Биэтэккэ кэлбит спортсменнар бары бэйэлэрин кыайыылара улахан ситиһии буолар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Ефрейтор Андрей Григорьев Арассыыйа Дьоруойа буолла

«Тута» диэн позывнойдаах Андрей Григорьевка РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн Арассыыйа Дьоруойа ааты иҥэрэр туһунан…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа үөрэх дьылыгар ураты комплекс үлэҕэ киириэ

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх комплексын үлэҕэ киллэрэр туһунан СӨ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Барыта фронт, барыта Кыайыы туһугар!

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыҥҥы билгэлэр

Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинэ. Тутуу хаамыыта

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: Ойуун ыар дьылҕатын туһунан киинэ

Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…

5 часов ago