50 сыл бииргэ олорбут Саҥыйахтаах олохтоохторун эҕэрдэлээтилэр

Share

Өлүөхүмэ улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун иитинэн Саҥыйахтаах нэһилиэгин ытыктанар олохтоохторо Тахватулиннары ыал буолбуттара 50 сылынан эҕэрдэлээтилэр.

Бырабыыталыстыба ситэриилээх былааһын отчуотун салайар үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова, Ил Түмэн дьокутаата Алексей Колодезников, өрөспүүбүлүкэҕэ сааскы халаан содулун туоратар уонна чөлүгэр түһэриигэ үлэтин толорор дириэксийэтин салайааччыта Николай Соловьев, улуус баһылыга Николай Харбин  эҕэрдэлээтилэр.

Нюргуна Соколова ыал буолан 50 сыл бииргэ олорбуттарынан эҕэрдэлээн туран: “Биһиэхэ сүктэриллибит улахан, үөрүүлээх сорудаҕы  толоробут. Дьиэ кэргэн олоҕурбут сыаннаһын тута сылдьаргыт, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска киллэрбит кылааккыт иһин махтанабыт”, – диэн этэн туран, Галина Николаевна Леонид Ревготович Тахватулиннарга Ил Дархан Айсен Николаев илии баттааһыннаах “Дьиэ кэргэн килбиэнэ“ ураты бэлиэни үөрүүлээх быһыыга туттарда.

Нэһилиэк эрэ буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааккыт иһин махтанабыт. Бу билигин саамай суолталаах”, – диэн улуус баһылыга Николай Харбин бэлиэтээтэ.  Тахватулиннар кырыйдыбыт диэн олорботтор, оҕолорун атахтарыгар туруорбуттарын таһынан, күн бүгүн сиэннэригэр, хос сиэннэригэр сүбэ-ама буолан үөрдэллэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга аҕам саастаахтар түмүстүлэр

Горнай улууһугар Атамайга аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн "Славим возраст золотой" диэн улуустааҕы тэрээһин буолан ааста.…

12 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Көстүбэт фронт байыастара

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Борис Неустроев-Мандар Уус 80 сааһынан аахсыйа ыытыллар

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтэ норуот уһулуччулаах маастара, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха сирин Духуобунаһын академиятын…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Витус Беринг сахаларга эрэнэрэ, итэҕэйэрэ

Үс үллэр үөстээх,  үлүскэннээх сүүрүктээх Улуу Өлүөнэ эбэбит, уос номоҕор туойуллар түҥ былыргы кэмнэртэн  сири-сибиири,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн норуот бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүт күнэ

Бүгүн, алтынньы 25 күнүгэр, Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, оҕо суруйааччыта,…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Абааһы олоппоһо» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн саҥа бырайыагар "Саха сирэ" хаһыат суруналыыһа, суруйааччы  Ульяна Захарова «Абааһы…

3 часа ago