50 сыл олорбут кэргэнниилэргэ 50 тыһыынча солкуобайы биэриэхтэрэ

Share

Муус устар 12 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ 50-тан тахса сыл олорбут кэргэнниилэргэ 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Бу сокуон барылын Ил Түмэн саайтыгар билсиэххэ сөп.

Бастакы сыллара саахсаламмыт күннэриттэн ааҕыллан барар. Онон 50, 60, 70 сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэргэ 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр буолуохтара. Кэргэнниилэр Саха сиригэр 20 сылтан кырата суох кэм устата олорбут буолуохтаахтар.

Бу сокуон барыла ылылыннаҕына, сабаҕалааһын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһинэ сыллата 35 мөлүйүөн буолуон сөп.

2024 сылга Саха сиригэр 280 паара Кыһыл көмүс сыбаайбатын бэлиэтиир. 58 паара 60 сыл, 52 паара 60-тан тахса сыл бииргэ ыал буолан олорбуттар.

Санатар буоллахха, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар саҥа ыал буолбут, 25 саастарын туола илик эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобайы биэрэр буолбуттара.

Бу маннык көмө миэрэлэрэ атын эрэгийиэннэргэ эмиэ бааллар. Холобур, Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир ыалларга Санкт-Петербурга уонна Ленинград уобалаһыгар — 50 тыһыынча солкуобайы, 60 сыл олорбуттарга — 60 тыһыынча солкуобайы, 70 сыл олорбуттарга — 70 тыһыынча солкуобайы, Москваҕа — 25,5 тыһыынча солкуобайы, Новосибирскай уобаласка — 50 тыһыынча солкуобайы биэрэллэр. 

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

41 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago