500-тэн тахса байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ Саха сиригэр санаторнай-курортнай эмтэниини ыллылар
Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ санаторнай-курортнай эмтэниини баралларыгар көмө оҥоһуллар.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
“Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиннэригэр аадырыстаах көмө салҕанар. Бүгүн байыаннай сулууспалаахтар 537 төрөппүттэрэ санаторнай-курортнай эмтэниини аастылар. 163 дьиэ кэргэн олорор дьиэни гаастааһыҥҥа, 391 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр айанныырыгар материальнай көмөнү ыллылар», — диэн бэлиэтээтэ Георгий Степанов.
Кини этэринэн, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр 925 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 1738 чилиэнэ реабилитацияны ааспыттар. 345 киһи социальнай өҥөнү дьиэҕэ олорон уонна полустационарнай көрүҥүнэн ылбыт.
638 киһи, ол иһигэр 217 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 400-тэн тахса дьиэ кэргэн чилиэннэрэ дьарыктаах буолуу кииннэригэр үлэ буларга көмө көрдөһөн сайабылыанньа биэрбиттэр. Итинтэн 154 киһи идэҕэ үөрэтиигэ ыытыллыбыт, 388 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: