500-тэн тахса үөрэнээччи эҕэрдэлээтэ

Share

39 эрэгийиэнтэн 500-тэн тахса үөрэнээччи Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылынан эҕэрдэлэрин ыыттылар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.

Саамай көхтөөх кыттааччыларынан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэттэн оҕолор буолбуттара миигин олус үөртэ. Биһиги хотугу кыраайбытыгар оҕолор интэриэстэрэ инникитин да салҕана туруо диэн эрэнэбин, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Кини “Смотри, это Россия” куонкурус чэрчитинэн анал номинацияны көҕүлээбитэ.

Оҕолор видеоҕа уһуллан, эҕэрдэлэрин ыыппыттар. Саха сирэ шефтэһэр Кировскай куоратыттан эмиэ эҕэрдэлэр бааллар. Ону тэҥэ, Нижегородскай, Свердловскай, Воронежскай уонна Калужскай уобаластартан, Саха сириттэн көхтөөх кыттыыны ылбыттар.

Видеолары https://lookitsrussia.ru/stoletie-yakutii/ аадырыһынан көрүөххэ сөп.

«Смотри, это Россия!» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска барыта 3231 хамаанда – 89 эрэгийиэнтэн 16 тыһыынча кэриҥэ үөрэнээччи кыттыбыт. Сэтинньи 13 күнүгэр диэри бу куонкуруска өссө кыттыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago