500 ыал Дьокуускай саҥа оройуонугар көһүөҕэ

500 ыал Дьокуускай саҥа оройуонугар көһүөҕэ

31.01.2023, 16:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга “Байыаннай чаас” (“Звезднай” микро-оройуон) кыбартаалга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу салҕанар. Быйыл саас саҥа кыбартыыра күлүүһүн саахалланар кутталлаах дьиэлэргэ олорор 500-чэ ыал ылыаҕа.

Билигин А сектор биэс дьиэтин тутуу түмүктэнэр. Бу дьиэлэр саахалланар кутталлаах уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматыгар түбэһээччилэргэ ананаллар.

Ил Дархан Айсен Николаев  СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар Туһаайыытыгар бэлиэтээбитинэн, киин куоракка  федеральнай инфраструктурнай кирэдьиити туһанан,  Дьокуускай куорат соҕуруу эҥээрэ сайдар. “Звезднай” микроройуоҥҥа  26 тыһыынча квадратнай миэтэрэлээх бастакы дьиэлэр үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ. 600 киһи сылдьар поликлиникатын, 315 миэстэлээх оҕо уһуйаанын, 1100 миэстэлээх оскуоланы уонна успуорт саалалаах сабыылаах котуогу тутуу саҕаланыаҕа.

Манна кэммиэрчэскэй олорор дьиэлэр эмиэ бааллар. Биир секторга  10 дьиэ тутулла турар, сыбаайаны түһэрии үлэлэрэ  ыытыллаллар. Саҥа оройуоҥҥа олорор дьиэни атыылаһарга “Уһук Илиҥҥи ипотека”, “Чэпчэтиилээх ипотека”, “Дьиэ кэргэн” ипотеката  бырагыраамаларга чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныахха сөп.

Былаан быһыытынан, “Звезднай” оройуоҥҥа 11 тыһыынча курдук киһи олоруоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: