50 байыаһы быыһаабыт Александр Колесовтыын кэпсэтии

Share

Александр Колесов сэрии уотуттан 50 байыаһы хайдах быыһаабытын, ол туһугар Үрдүк Айыылартан көрдөспүтүн уонна бойобуой доҕордоһуу туһунан санаатын аһаҕастык үллэһиннэ.

“Боотур” этэрээт хамандыыра сэрии толоонугар быһыы-майгы туһунан аһаҕастык кэпсээтэ. Кини 90-c сылларга Приднестровье иирсээнигэр уонна Чечня бастакы сэриитигэр кыттыбыта, онно “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.  2022 с. муус устарыгар диэри Александр Колесов А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр үлэлээбитэ. Кини хайдах добровольческай этэрээт хамандыыра буоларга быһаарыммытын, сэрии толоонугар тугу көрсүбүтүн, Үрдүк Айыылартан тугу көрдөспүтүн туһунан «Россия 24» ханаал аһаҕас интервьютугар кэпсээтэ.

 

Сүрэх этэринэн…

 

Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыан иннинэ үс оҕо амарах аҕата Александр Колесов А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин дириэктэрин бастакы солбуйааччынан үлэлиирэ. 2022 сыл кулун тутар бүтүүтэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин кытта Донбасстан тэскилээбиттэргэ анаан гуманитарнай көмөнү илдьэ айаннаабыта. Бу айан Александр олоҕор улахан уларыйыыны киллэрбитэ.

«Сырыы кэмигэр Ростов куорат байыаннай госпиталыгар  бааһырбыт байыастары кытта көрсөн кэпсэппиппит. Көрөргө олус ыарахан этэ. Ити кэмҥэ испэр уонна санаабар уларыйыы буолбута. Туора туруо суохтаахпын, бэйэбит аармыйабытыгар, дойдубутугар көмөлөһөр сыалтан байыаннай дьайыыга кыаттыахтаахпын диэн тута бигэ санааны ылыммытым», — диэн  Александр Колесов кэпсиир.

Ити кэнниттэн икки ыйынан баҕа өттүнэн барааччыларга бастакы “Боотур” этэрээт тэриллибитэ, онно cүүсчэкэ киһи киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн кинилэр сэп-сэбиргэл атыылаһан, от ыйын 28 күнүгэр Ростовскай уобаласка баар байыаннай-бэлэмниир полигоҥҥа көппүттэрэ.

 

50 байыаһы сэрии толоонуттан тыыннаах таһаарыы

Балаҕан ыйыгар “Боотур” этэрээт байыастара сэрии толоонугар этилэрэ. Ол курдук, “Боотур” байыастара байыаннай сулууспалаахтарга сүрүн киирсиилэргэ көмөлөспүттэрэ. Александр этэринэн, байыаннай киирсии элбэҕэ. Балаҕан ыйын 24 күнэ хаһан даҕаны умнуллубат… Бу күн кинилэр этэрээттэрин хара сарсыардаттан ытыалаан саҕалаабыттар. Ханнык эрэ түгэҥҥэ кинилэргэ хамандыыр кэлэн, инники кирбиини тутарга көмөлөһөргө көрдөспүтэ.

«Кини хаҥас фланганы көҥү түһүөхтэрин сөбүн, онуоха биһиги атын подразделениелар таһаарыллар кэмнэригэр, кинилэргэ  улахан  көмүскэли хааччыйыахтаахпытын туһунан иһитиннэрбитэ. Биһиги сөптөөх быһаарыныыны ылынан киирсэргэ бэлэмнэммиппит, бу кэмҥэ анарааҥҥылар күүстээх уоту аспыттара, снарядтар быыстала суох  түһэтилээн дэлбэритэ барбыттара. Сибээһи хааччыйар киһибит уонна биир байыаспыт улаханнык бааһырбыттара. Кинилэри сэрии толоонуттан суһаллык таһаарар быһаарыныыны ылыммытым. Алексей Боткинов диэн 20 эрэ саастаах уол көмөҕө сүүрэн кэлбитэ, кини саамай эдэрбит этэ. Кинини кытта “Патриокка” бааһырбыт дьоммутун тиэйэн таһаартаан барбыппыт. Ол устатын тухары минометунан ытыалааһын тохтооботоҕо»,  — диэн ахтар добровольческай этэрээт хамандыыра.

Сэрии толоонуттан бааһырбыттары таһаарбыт массыынанан  Александр Алексейдыын иккистээн төннүбүттэрэ уонна тута уоттаах ытыалааһыҥҥа түбэспиттэрэ. Ойон тахсалларыгар аны БТР ытыалаан барбыт, буулдьалар массыыналарын уҥа ойоҕоһугар сааллыбыттара. Быыстала суох ытыалааһынтан эдэркээн Алексей сырдык тыына быстыбыта.

«Мин олордуллубут мастар диэки сыыллыбытым, утары киирсэргэ бэлэмнэммитим. Массыына анныгар сытан эрэ дьон сүүрэн иһэрин көрбүтүм. Ити кэмҥэ төбөбөр эмискэ “Бүттэ, Саня, бүттэ…” диэн санаалар элэс гынан ааспыттара. Ханнык эрэ кыл түгэҥҥэ субу аттыбар соторутааҕыта тыыннаах сылдьыбыт эдэркээн Леша уонна  бары бааһырбыт байыастар ааттарыттан бэйэм куттаммыт санаабын баһыйан, эмискэ кыһыйыы-абарыы үөскээбитэ. Бу кыһыйыым-абарыым улаатан, өссө элбэх өстөөҕү бэйэбин кытта илдьэ барар санаа киирбитэ...” – диэн Александр  кэпсиир уонна ол кэмҥэ адьас тэҥэ суох киирсиигэ кимэн киирбитэ.

Александр анарааҥҥылар нэһилиэнньэлээх пуун кытыы өттүн көмүскүү сытар сирдэрин диэки киирсиини саҕалаабыта.  Саата өстөөх буулдьатыттан харан хаалбыта. Инньэ гынан, сэрии толоонугар охтубут байыастан бырастыы гыннаран баран, саатын ылбыта.

«Биһиэхэ, сахаларга, төрүт  итэҕэлбитигэр, өлбүт киһиттэн тугун да ылыа суохтааххын диэн өйдөбүл былыргыттан баар. Өлбүт байыас аттыгар туран: «Бырастыы, бойобуой быраатым, бу саа миэхэ өстөөҕү өһөрөргө наада,  эн олоххун толук уурбуккун өстөөхтөн иэстэһиэм», — диэбитим. Сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччынан баран, айаммын салҕаабытым. Ол иһэн, бэйэбит 12 танкиспытын көрсүбүтүм», — диэн Александр кэпсиир.

Бааһырбыт байыас элбэх этэ, ыарахан да туруктаахтар бааллара. Ити кэмҥэ кини сүүрэр кыахтаах “Урал” массыына  син чугас баарын өйдүү биэрбит.  Ол массыынанан ытыалаһыы ортотунан ааһан, кэм куттала суох сиргэ тиийбиттэр. Владимир Алексеев диэн Амматтан сылдьар байыаһы кытта сэрии толоонугар хаттаан төннөн, хаалбыт саллааттары таһаартаабыттар. Онно биллибитинэн, ити күн өстөөхтөр ахсааннара кинилэрдээҕэр биэс төгүл элбэх эбит. Бааһырбыттары Сватов госпиталыгар илдьибиттэр. Александр хорсун-хоодуот быһыытынан 50 байыас олоҕун быыһаабыта.

Үрдүк  Таҥараттан…

 

Кэлин саныырынан, ол ынырык күн өстөөх чугаһаан, өлөр өлүү тирээн кэлбитигэр,  Александр Үрдүкү Күүстэртэн көрдөспүт…

«Миигин ыкпыттарын көрөн баран, Таҥараттан көрдөспүтүм: «Өлөр күнүм-ыйым  кэлбит буоллаҕына, ол бүгүн эрэ буолбатын…», — диэбитим. Тоҕо диэтэххэ, балаҕан ыйын 24 күнүгэр соҕотох кыыһым төрөөбүт күнэ этэ. Оҕом төрөөбүт күнэ аҕата өлбүт күнүн кытта сөп түбэһиэн баҕарбатаҕым. Ол туһуттан Таҥара олохпун өссө да уһатарыгар уонна байыастары быыһыырга бириэмэ биэрэригэр көрдөспүтүм. Бу барыта ааспытын кэннэ, саллааттарбытын быыһаан баран, киэһэриитэ дьэ, дьэҥкэтик өйдөөбүтүм, туох буолбутун. Буолбут быһыы-майгы уйулҕабар дьайан, үс суукка устата сатаан утуйбатаҕым…» — диир Александр.

Бэйэтин харыстаммакка, ыйылыыр буулдьа аннынан…

Александр сэрии хонуутуттан таһаарбыт бааһырбыт связист Георгий Федоров доброволец этэ. Бу иннинэ кини диджей эбит. “Боотур” этэрээт хомуллан эрэрин истэн, докумуоннарын туттарбыт. Ол ынырык күн Федоров баар бөлөҕөр нэһилиэнньэлээх пууҥҥа барар туһунан бирикээс кэлбит.

Колесов позывнойа “Хан” диэн эбит. Кини “балаһыанньа хайдаҕын иһитиннэрэргэ ыстаап салайааччытын ыҥыр”, — диэн Георгийга эппит.  Ити кэмҥэ ытыалаһыы саҕаламмыт, ыһыы-хаһыы…  Эдэр связист рациянан кэпсэтэ олорон, өстөөх артиллерията үлэлээбитин истибэккэ хаалбыт.

«Эмискэ улахан эстэр тыас тыаһаабыта, хараҕым хараҥаран ылбыта. Өйдөнөн кэлбитим, илиим олох атыннык сытара. Быстыбыт буоллаҕа дуу дии санаабытым, миэстэтигэр этэ.  “Арма” диэн позывнойдаах доҕорум сүүрэн кэлбитэ. Арыый кытыы соһон баран, укуол туруорбута. Бу кэмҥэ хамандыыр кэлбитэ. Мин уонна иккис байыас тарбахтарбыт икки сүһүөхтэрэ быстыбыттарын көрөн, суһаллык сэрии толоонуттан таһаарар наадатын эппитэ. Биһиги “Патриот” массыынанан айаннаабыппыт. Өйбүн сүтэрэн  барбытым. “Арма” позывнойдаах байыас массыына түннүгүн арыйан биһигини бүөлээн ытыалыыра, ол быыһыгар миигин кытта кэпсэтэрэ. Хомойуох иһин, кини ол күн олохтон туораабыта… », — диэн Георгий кэпсиир.

Бааһырбыт байыастары байыаннай миэдиктэргэ туттарбыттара. Кэлин биллибитинэн, Георгий лаппаахытынан киирбит  снаряд кырамтата саннынан күөмэйигэр тиийбит этэ. Хас биирдии мүнүүтэ күндүтэ. Сүүрбэ мүнүүтэ хойутаабыттара буоллар, эдэр киһи тыыннаах хаалара уустук этэ. Георгий ити кэмнэри үдүк-бадык өйдүүр. Кини Александр Колесовы дьоруойунан ааҕар. Тоҕо диэтэххэ, Александр саарбахтыыр санаата суох, саллааттары быыһыы барбыт хорсун киһи.

“Миигин миэдиктэргэ туттаран баран, Александр төттөрү атыттары аҕала барбыта чахчы даҕаны дьоруойдуу быһыы буолар. Ол кэмҥэ биһигини хайдах баҕарар суох оҥоруохтарын сөбө. Кини сэрии толоонугар байыастары быыһыы хаттаан төннүбүтэ дьиҥ хорсун быһыы буолар”, — диэн ахтар  Георгий Федоров.

 

Бигэ тирэхтээх көлүөнэ

 

Байыаннай дьайыы толоонугар үгүс байыастар өстөөхтөр араадьыйанан  (радиоперехват) украиналыы, поляктыы, английскайдыы саҥаралларын истэллэрэ, ону тэҥэ, үгүс өстөөхтөр НАТО пуорматын кэтэ сылдьаллара. Өстөөхтөр өйдөрө-санаалара суураллыбытын биһиги байыастарбыт бэлиэтии көрбүттэр.

«Арассыыйа уонна нуучча кинилэргэ куһаҕан, мөкү диэн саналаахтар. Кинилэри уһуйаан саастарыттан оннук  өйгө-санааҕа ииппиттэр. Бүтүн көлүөнэҕэ өстөөх санааны иҥэрэн ииппиттэр», — диир Александр.

Кини этэринэн, ханнык баҕарар байыаннай дьайыы киһи уйулҕатыгар улахан охсуулаах. Фроҥҥа үгүс эдэр уолаттар дьиҥнээх эр киһи, буойун буолаллар. Олортон биирдэстэринэн 20 саастаах Алексей Боткинов диэн Булуҥтан сылдьар уол буолар. Хамандыыр өйүгэр-санаатыгар кини олус хорсун уол быһыытынан хаалбыт.

«Киирсии, ытыалаһыы кэмигэр Алексей улаханнык контузияламмыта. Госпиталга эмтэммитин кэнниттэн  дойдутугар, Саха сиригэр, төттөрү ыыппыттара. Онуоха кини суол аҥаарыттан төннөн кэлбитэ. “Тоҕо төннөн кэллиҥ? Мин, чэ буоллун, 50 саастаахпын, үс оҕолоохпун, оттон эн?” – диэбитим. Кини ону бойобуой табаарыстарын хаалларар сатамматын эппитэ уонна: «Сэрии толоонугар өлөр дьылҕалаах буоллахпына, бу миэхэ үрдүк чиэс буолуоҕа», — диэбитэ.  20 саастаах уол маннык этэрэ-тыынара биһиги эдэр көлүөнэбит бигэ санаалааҕын, сүтэ илик көлүөнэ буоларын туоһулуур. Кинилэр өссө да буорахтаахтар диэн  санаа кэлбитэ”, — диэн ахтар Александр Колесов.

Хаартыска Александр Колесов тиксэриитэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago