510 социальнай эбийиэккэ пандус тутулунна
Саха сиригэр 2012 сылтан инбэлииттэргэ, кыаммат дьоҥҥо табыгастаах эйгэни олохтуурга анал тэрээһиннэр ыытыллаллар.
— Бу сыллар тухары 510 социальнай эбийиэк пандустарынан, дьону көтөҕөн таһаарар тэриллэринэн хааччылынна. Ол иһигэр: 160 — үөрэх эйгэтин, 123 — социальнай көмүскэл уонна хааччыйыы, 99 — доруобуйа харыстабылын, 37 — култуура, 34 — физкултуура уонна спорт, 29 — дьарыктаах буолуу, 26 — профессиональнай үөрэхтээһин, 2 — тырааныспар тэрилтэлэрэ, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.
2012-2023 сылларга социальнай инфраструктура табыгастаах буоларыгар анаан 642,8 мөлүйүөн солкуобай, ол иһигэр: өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 538,9 мөлүйүөн солкуобай, федеральнай бүддьүөттэн — 135,5 мөлүйүөн солкуобай ыытылынна.
«Социальная поддержка граждан в Республике Саха (Якутия)» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын олохтоох бүддьүөттэригэр субсидия көрүллэр. Бу харчынан кинилэр инбэлииттэргэ уонна кыаммат дьоҥҥо табыгастаах эйгэни олохтуохтаахтар.
Ааспыт 4 сылга бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 55 мөлүйүөн солкуобай туһаныллыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: