510 социальнай эбийиэккэ пандус тутулунна

Share

Саха сиригэр 2012 сылтан инбэлииттэргэ, кыаммат дьоҥҥо табыгастаах эйгэни олохтуурга анал тэрээһиннэр ыытыллаллар. 

— Бу сыллар тухары 510 социальнай эбийиэк пандустарынан, дьону көтөҕөн таһаарар тэриллэринэн хааччылынна. Ол иһигэр: 160 — үөрэх эйгэтин, 123 — социальнай көмүскэл уонна хааччыйыы, 99 — доруобуйа харыстабылын, 37 — култуура, 34 — физкултуура уонна спорт, 29 — дьарыктаах буолуу, 26 — профессиональнай үөрэхтээһин, 2 — тырааныспар тэрилтэлэрэ, —  диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.

2012-2023 сылларга социальнай инфраструктура табыгастаах буоларыгар анаан 642,8 мөлүйүөн солкуобай, ол иһигэр: өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 538,9 мөлүйүөн солкуобай, федеральнай бүддьүөттэн — 135,5 мөлүйүөн солкуобай ыытылынна.

«Социальная поддержка граждан в Республике Саха (Якутия)» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын олохтоох бүддьүөттэригэр субсидия көрүллэр. Бу харчынан кинилэр инбэлииттэргэ уонна кыаммат дьоҥҥо табыгастаах эйгэни олохтуохтаахтар.

Ааспыт 4 сылга бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 55 мөлүйүөн солкуобай туһаныллыбыт.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: атырдьах ыйын 1-8 күннэрэ

Сулустар тугу сипсийэллэр? Эйигин туох күүтэрий? ХОЙ Эниэргийэҥ муҥутуур чыпчаалга тиийэн сылдьар. Онон кэлэр нэдиэлэҕэ,…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Атырдьах ыйын 1 күнэ: быстах, сорох сиринэн этиҥнээх ардах

Саха сиринээҕи УГМС саайта иһитиннэрбитинэн, бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр, соҕуруу оройуоннарыгар,…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Соловьев Экология министиэристибэтигэр стажировкаланар

“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара" каадыр бырагырааматын кыттыылааҕа уонна СӨ Уу хаһаайыстыбатын уонна халаан содулларын…

11 часов ago
  • Сонуннар

Өрөспүүбүлүкэ түөлбэлэрэ Аммаҕа пуорумҥа муһуннулар

Атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр Амма улууһун киинигэр “Төрүт түөлбэм төлкөтө”  диэн уопсастыбанньыктар пуорумнара ыытыллар. Бу…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Мииҥҥэ кутар тума

Биирдии киилэ моркуобу, помидору, луугу итиэннэ киилэ аҥара биэрэһи, 300 г петрушканы, биир оччо укуруобу…

12 часов ago
  • Сонуннар

Өймөкөөҥҥө эмчиттэр нэһилиэктэргэ хоно сылдьан үлэлииллэр

Бу күннэргэ оройуоҥҥа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн эмчиттэр бөлөхтөрө үлэлии сылдьар. Бу туһунан улуустааҕы"Хотугу сардаҥа" хаһыат…

12 часов ago