Байыаннай эпэрээссийэттэн демобилизацияланан кэлбиттэргэ мэдиссиинэ көмөтө уонна чөлгө түһэрии үлэтэ салҕанар. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
«Байыаннай эпэрээссийэттэн демобилизацияланан кэлбит байыастар олорор сирдэринэн эбэтэр сыһыарыллыбыт поликлиникаларыгар, 122 «итии» лиинийэҕэ тиийэллэр. Кинилэр мэдиссиинэ көмөтүн ылалларыгар анал сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии бэриллэр«, — диэн быһаарар миниистир.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитация, спортивнай мэдиссиинэ уонна мэдиссиинэ национальнай кииннэригэр доруобуйаны чэбдигирдии, чөлгө түһэрии үлэлэрэ ыытыллаллар. Чөлгө түһүүнү тастан да ылыахха, суукканы эргиччи үлэлиир усулуобуйаҕа да сытан ылыахха сөп. Маныаха бу тэрилтэлэр элбэх хайысханан көмөнү оҥороллор. Лена Афанасьева бэлиэтээбитинэн, психотерапевтическай көмөнү мэдиссиинэ атын тэрилтэлэрин сэргэ, психоневрологическай диспансер эмиэ оҥорор. «Бэс Чагда» санаторийга санаторнай-курортнай эмтэниини барыахха сөп. Маныаха санаторнай-курортнай каартаны ыларга, олорор сирдэринэн мэдиссиинэ тэрилтэтиттэн ылаллар.
«Бүгүҥҥү күн туругунан, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн, мэдиссиинэ тэрилтэлэринэн уопсайа байыаннай дьайыы 500-тэн тахса кыттыылааҕар мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллубут. Итинтэн 319 байыас тастан эмтэммит, стационарнайынан 116 байыас. Маны сэргэ, чөлгө түһүү, ол иһигэр психотерапевтическай уонна психиатрическай көмөлөр оҥоһуллубуттар. Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр, 23 киһиэхэ уйулҕа үлэһиттэрэ көмөлөспүттэр. Санаторнай-курортнай эмтэниигэ байыаннай дьайыы 33 кыттыылааҕа сылдьыбыт«, — диэн иһитиннэрэр миниистир.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, бааһырбыт байыастары өйүүргэ, былырыын сэтинньиттэн дойду госпиталларыгар өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын быраастара тиийэн үлэлииллэрэ тэриллибитэ. Бу нэдиэлэ саҥатыгар Муома оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Яков Бережнев салайааччылаах уопуттаах быраастар биригээдэлэрэ, кинилэр ортолоругар травматолог, психотерапевт, анестезиолог-реаниматолог киирсэн, эмиэ үлэлии бардылар. СӨ оҕо инфекционнай балыыһатын кылаабынай бырааһа Владимир Богдашин салайааччылаах быраастар биригээдэлэрэ кэлэр нэдиэлэттэн Уһук Илин федеральнай уокурук госпиталларыгар үлэлээн саҕалыахтарна. «Владимир Богдашин Уһук Илин байыаннай госпитальга хаһыс да сырыытын үлэлии барар. Бу сырыыга байыаннай госпиталлар баар бары куораттарын хабан үлэлиэхтэрэ. Онно байыастарбыт биһиги миэдиктэрбитин күүтэллэр«, — диир Лена Афанасьева.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…