Түмэл тэрээһинин дьон сэргээтэ

Share

Аан дойдуга музей күнүн бэлиэтээһин Кэнтиктээҕи «ЧАП УУСТАРА» история-этнография түмэлигэр хас да түһүмэҕинэн барда.

Тэрээһин дьиэ киэргэн бигэ тирэхтээх буолуохтааҕын туоһулуур хаартыскалар быыстапкаларын арыйыыттан саҕаламмыта. Бу туһунан үөрүйэхпитин үллэстиэхпитин баҕарабыт. Аныгы үйэ сиэринэн, дьон мээнэ ордук-хос хамсаныан баҕарбат. Ол иһин, түмэлбитигэр дьон болҕомтотун тардаары, аныгы интэриниэт нөҥүө араас түһүлгэлэри туттан араас бырайыактардаахпыт. Ол курдук «Былыргы хаартыскалар» диэн, нэһилиэкпит биир бас-көс киһитэ Тумус Мэхээлэни кытта кыттыгас түмсүүлээхпит. Бу манна Кэнтиктэн төрүттээх дьон мустан, кимиэхэ былыргы альбом хаартыскалара баарынан ыытан, кимнээхтэрин, туох үлэһиттэрин быһаараллар. Эдэр дьоҥҥо кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын, төрүччүлэрин быһааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Дьэ, бу бөлөххө кэлбит араас хаартыскалартан талан, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаахтары таһааттаран бастакы көрдөрүүбүт буолла. Инникитин сайыҥҥы үлэҕэ сыһыаннаахтары талан, сайылык, от, ыһыы үлэтигэр аналлаах быыстапканы оҥоруохпут. Онон бу ситим нөҥүө кэлбит хаартыскалары электроннайынан эрэ буолбакка, тутан-хабан көрөр гына эмиэ хаһаанар былааннаахпыт.

Хаартыска А.Алексеева-Оюрова тиксэриитэ

Иккиһинэн, Үөһээ Бүлүү спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ төрдүс сылларын, баспытааталлара Саргылаана Климовна Павлова көҕүлээһининэн, сылын аайы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Миронов Алексей Афанасьевич төрөөбүт дойдутугар Кэнтиккэ кэлэн, түмэлгэ сылдьан, саастыылаахтарын кытта футболлаан күүс-кыах ылан бараллар. Быйылгы тэрээһин бу түмэл күнүгэр сөп түбэһэн сэргэхтик ааста. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх эдэр спортсмен кэлэн барда. Оҕолор остуоруйаны сэҥээрэллэрэ, сэргииллэрэ киһини үөрдэр.

Үсүһүнэн, түмэлбитигэр «Эспэнээттэ бэлэхтээ — ааккын дойдуҥ устуоруйатыгар хааллар» диэн ыҥырыы тыллаах аахсыйа буолла. Бу күн сүүрбэччэ саҥа эспэнээт киирдэ! Олортон биир сыаналаах эспэнээтинэн буолар 3 кылаас үөрэнээччитэ Дьячковская Даяна  аҕалбыт хос эбээтин мэтээлэ. Игнатьева Мария Филипповна 1953 сылтан 1959 сылга диэри Үрдүкү Сэбиэт IV ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаатынан талыллан сылдьан, бу Үбүлүөйдээх мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Улахан 7 см диаметрдаах алтан мэтээл биир сирэйигэр «В память 325-летия вхождения Якутии в состав России», онтон биир сирэйигэр «1632-1957 Навеки сплотила Великая Русь» диэн суруктаах. «Чап Уустара» түмэлгэ ханнык да тэрээһиҥҥэ мэлдьи эдэр көмөлөһөөччүлэрдээхпит — волонтердар. Бу да сырыыга оҕолорбут илии-атах буоллулар, көмөлөһөн наһаа үөртүлэр. Кинилэргэ махталбыт улахан. Тэрээһини дьон-сэргэ сэргээтэ.

Анна Алексеева-Оюрова,

Үөһээ Бүлүү, Кэнтик.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago