Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Саха сиригэр 539 устудьуон үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылар.
СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүлү оҥорууга үлэтэ салҕанар. Санатан эттэххэ, 2023 сыл сэтинньи 1 күнүттэн үөрэх эйгэтигэр 11 социальнай өйөбүл оҥоһуллар.
Ол курдук, оскуолаларга сылаас аһылыгынан хааччыйыы уонна оҕо саадтарыгар төрөппүттэр төлөбүртэн босхоломмуттара.
-2024 сыл тохсунньу 24 күнүнээҕи туругунан, 1571 дьиэ кэргэн, төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) оҕо саадыгар көрүү-истии иһин төлөбүртэн босхолонуу быраабынан туһаммыттар. Устудьуон күнүн иннинэ, үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ күнүс үөрэнэр (очнай) устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэни олохтооһун буолар, — диэн иһитиннэрэр СӨ Үөрэх уонна наука миниистирэ Нюргуна Соколова.
Маны таһынан, 28 оҕо бастакынан оскуолаларга продленнай бөлөхтөргө ылыллыбыттар уонна 28 дьиэ кэргэн төлөбүртэн босхоломмут. Сүрүн үөрэх кэнниттэн бу бөлөххө сылдьар оҕолорго эбии үөрэх ыытыллар, сиэксийэлэргэ, куруһуоктарга сылдьаллар, дьиэтээҕи үлэлэрин уһуйааччы көмөтүнэн толоруохтарын сөп.
Санатан эттэххэ, байыастар оҕолоро эбии үөрэхтээһин бырагырааматынан оскуолаларга куруһуоктарга уонна сиэксийэлэргэ босхо сылдьыахтарын сөп.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3384930 киириэн көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бэҕэһээ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр Индигиир эбэ кытылын таһынан субуотунньук буолан ааста. Манна “Кыталык” национальнай…
Күрэс төрүт көрүҥнэригэр XXII “Манчаары оонньуулара” Таатта улууһун сиригэр-уотугар өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Кыайыыга…
Уруу-аймах ааттарын төһө билэҕин? Бадьа, биллэх диэн кими ааттыылларый? Саха ыалын халандаарыгар бу туһунан баар.…
От ыйын 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков халаан содулуттан сибээстээн ылыллар миэрэлэргэ мунньах…
Ол курдук 26 га иэннээх сири хаппыт үс ойуур баһаарын уонна атын категориялаах сиргэ биир…
Былырыын киин куоракка Свято-Троицкай собуор таһынан былыр Дьокуускай остуруога турбут сиригэр археологическай хаһыылар саҕаламмыттара. Үлэни…