55 сыллааҕыта Володя Ульянов дневнигэр киирбит оҕолор билигин ханна баалларый?
55 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Биир киһи төрөөн аҕам сааһыгар үктэнэр кэмэ. Ол эрээри 55 сыллаах «Бэлэм буол» хаһыаты күн бүгүнүгэр диэри уура сылдьан оҕо саас сырдык мөссүөнүн үйэтиппит кылааһынньыктар тустарынан бүгүн сырдатарга сананным.
Таатта улууһун В.И.Ленин аатын сүгэр Уолба орто оскуолатын выпускниктара 1969 сыллаахха саҥардыы маҥнайгы кылааска үөрэнэллэрэ. Оччолорго оҕо аймах сөбүлээн ааҕар, билигин «Кэскил» хаһыат, уруккунан «Бэлэм буол» диэн ааттаах хаһыат үлэһиттэрэ Ленин аатын сүгэр оскуолаҕа бүтүн нүөмэри анаабыттара. Хаһыат бастакы сирэйигэр маҥнайгы кылаас туйгун үөрэнээччилэрин мэтириэттэрэ бэчээттэммитэ. Билигин бу оҕолор ханна баалларый, кинилэр кимнээхтэрий?
Бу хаартыскаҕа баар Маша Баланова, билигин Мария Алексеевна Ефимова Таатта улууһун муниципальнай архыыбын сүрүн архыбыыһынан үлэлиир, олохтоох салайыныы бочуоттаах үлэһитэ, түөрт оҕо ийэтэ:
— Мин ити 1969 сыллаах күнү өйдүүбүн, «Бэлэм буол» хаһыаты күн бүгүнүгэр диэри уура сылдьабын. Олус долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх күн этэ. Биһиги оскуолабытыгар хаһыат үлэһиттэрэ кэлэн оҕолору хаартыскаҕа түһэрэн, оскуолабыт аатын үйэтиппит сырдык күннэрэ оҕо саас сырдык өйдөбүлэ буолан хаалбыт. Билигин таптаан ааҕар хаһыаппыт «Кэскил» диэн ааттанан ситиһиилээхтик үлэлиириттэн үөрэбин эрэ. Биһиги кылааһынан билсэбит. Миша Боппосов, Петя Тарасов, Гоша Винокуров, Вова Таппыров билигин бары этэҥҥэ үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.
Миша Боппосов өрөспүүбүүкэҕэ балбаахтан сыл бэлиэтин оҥорон киэҥник биллэр Михаил Трофимович Боппосов билигин Уолба нэһилиэгэр айа-тута сылдьар:
— Биһиги кылааһынан билсэбит, сыл ахсын хайдах кыалларынан көрсөбүт, ыкса сибээһи тутабыт. Гоша Винокуровпыт Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар олорор, Вова Таппыров Дьокуускайга уоннааҕы ити хаартыскаҕа бааллар улууспутугар баарбыт. Төрөөбүт оскуолабыт өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн В.И.Ленин аатын сүгэр соҕотох оскуола буолар. Кылааһым оҕолоругар истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Петя Тарасов — Петр Егорович Тарасов Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгэр ньир-бааччы олорор:
— 1969 сыллаахха биһигини, маҥнайгы кылаас туйгун үөрэнээччилэрин. «Володя Ульянов дневнигэ» диэн «Бэлэм буол» хаһыат балаһатыгар таһаарбыттарыгар бүтүн оскуолабыт киэн тутта аахпыт буолуохтаах. Ити хаһыаты архыыпка үлэлиир Машабыт уура сылдьарыгар махтанабыт. Миэхэ даҕаны өтөрдөөҥҥө диэри баара. Оччотооҕу оҕолор хаһыаты, сурунаалы, кинигэни сыттыктана сытан ааҕар буоларбыт. Кылааспыт оҕолоро бары этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар, бары ыал ийэлэрэ, аҕалара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: