Биэс сүүстэн тахса парашютист уонна десантник ойуур уотун умуруораллар
Авиалесоохрана федеральнай уонна эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы күүстэрэ ойуур баһаарын умуруорууга үлэлииллэр. Барыта 550 кэриҥэ парашютист уонна десантник.
«Уустук үлэ. Күүстээх-уохтаах, бэйэни кыанар буолуохха наада. Ойуур баһаарын умуруорууга бары бэлэмнэр. Баһаары умуруорууга ордук хайалаах сиргэ ыарахан. Уоту умуруорар туһуттан хайа төбөтүгэр тахсарга эмиэ күһэллэҕин. Хайаҕа үстүрүмүөннээх, уулаах ыттан тахсыы — уустук дьыала», — диэн этэр Авиалесоохрана авиа баһаарынайа Семен Ясюкевич.
Уоту тохтотор туһуттан баһаарынайдар элбэх км минерализованнай балаһаны оҥороллор диэн СИА суруллар. Бу барыта илиинэн үлэ. Наада буоллаҕына, балаһа кэҥэтиллэр, барьердар оҥоһуллаллар, утары уот ыытыллар. Авиалесоохранаҕа быһаарбыттарынан, маннык ньыма ойуур баһаарын утары охсуһууга көдьүүстээх, ол иһигэр үөһэнэн барар баһаарга эмиэ.
Ойуур баһаардарынан Абый, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Өлүөхүмэ улуустара уустук балаһыанньалаахтар. Билигин онно уу кутар тэриллээх Ми-8 бөртөлүөт үлэлиир. Маны сэргэ, үһүс Бе-200 салгын аала кэлиэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: