59 эрэгийиэн «Смотри, это Россия!» куонкуруска кыттарын биллэрдэ

Share

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Смотри, это Россия!» куонкурус V үбүлүөйдээх сезонугар видеородиктары ылыы салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду 59 эрэгийиэниттэн, ол иһигэр Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэртэн 277 сайаапка киирдэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу сезон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар ананар. Куонкуруска кыттарга 3 мүнүүтэттэн элбэҕэ суох бириэмлээх видео устан RUTUBE видеопорталга киллэриэхтээххин.

«Оҕолорго аналлаах бырайыак көмөтүнэн дойду историятын, култууратын уонна үгэстэрин үөрэтии өссө чэпчээбитэ уонна интэриэһинэй буолбута үөрдэр. Бу куонкурус биир сүрүн соругунан буолар, ону биһиги ситиһиилээхтик ыытабыт. Күрэхтэһии өссө биир соругунан – араас эрэгийиэн оҕолоро саҥа доҕоттордоноллорун ситиһии», —  диэн бэлиэтиир Ил Дархан  Айсен Николаев.

Куонкуруска кыттарга сайаапканы порталга биэрии алтынньы 16 күнүттэн саҕаламмыта уонна сэтинньи 24 күнүгэр түмүктэнэр. Видеороликтары алтынньы 21 күнүттэн ылыы саҕаламмыта.

Регистрацияламмыт кыттааччыларга барыларыгар видеороликтары бэлэмнииргэ маастар-кылаастар ыытыллаллар. Кыайыылаахтар ахсынньыга аһаҕас куоластааһынынан быһаарыллыахтара.

Санатан эттэххэ, аан бастаан «Смотри, это Россия!»  2020 с. Саха сирин оҕолоурн хамсааһынын актыбыыстарын көҕүлээһининэн ыытыллыбыта. Бырайыагы өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев, РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ, Росмолодежь уонна да атын ыччат тэрилтэлэрэ өйөөбүттэрэ.

Түөрт сыл устата Арассыыйа бары 89 эрэгийиэниттэн уопсай үөрэхтээһин уонна орто үөрэх, ону тэҥэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн 95000-тан тахса үөрэнээччи кыттыбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago