60 саас кэннэ иммунитет бөҕөргүүр дуо?
06.10.2025, 18:30

Хаартыска: pxhere.com/ru/photo саайтан.
Бөлөххө киир:
Киһи сааһыран истэҕин ахсын иммунитет систиэмэтэ уларыйар. Маннык уларыйыыны иммуносенесценция дииллэр. Киһи дьаҥтан, ол-бу ыарыыттан көмүскэнэр дьайыыта мөлтүүр. Онон дьэ иммунитеты хайдах бөҕөргөтөбүт?
— Аһыыр аскар болҕомтото уур. Тута сылдьан, быстах аһыыр сэрэхтээх. Куртах үчүгэйдик үлэлиир буоллаҕына, сүрэх эмиэ этэҥҥэ буолар;
-Хайаан даҕаны анаалыс туттаран, ханнык битэмиин, минерал тиийбэтин быһаартарар наада. Ол эрэ кэннэ битэмиин иһэр ордук;
— Сэрээккэ оҥорор ордук. Итиэннэ элбэхтик сатыы хаамыҥ;
-Утуйуох иннинэ хайаан да сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыллыахтаах;
— Утуйар хоһу салгылатар ордук, аһара итии хоско утуйуу хаан баттааһыныгар сэрэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: