60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит. Хоромньу уопсай суумата 14 500 солк. эбит.
Холуобунай көрдүүр салаа үлэһиттэрэ тустаах буруйу оҥорууга уорбаланааччыны булбуттар. Бу 60 саастаах дьахтар эбит.
Сайабылыанньа суруйааччы быһаарбытынан, кини атыы-эргиэн киинигэр сылдьан кумааһынньыгын маҕаһыын каассатын аттыгар хаалларан кэбиспит. Буруйу оҥорооччу кинини ким да кэтээн көрбөтүн бэлиэтээн, харчылаах кумааһынньыгы ылан баран атыы кииниттэн тахсан барбыт.
Кумааһынньыгы булбуттар. РФ Холуобунай Кодексын 158-с ыст. 2 ч. (“Уоруу”) холуобунай дьыаланы тэрийбиттэр. Тустаах ыстатыйанан буруйдаах киһи 5 сылга диэри бырааба быһыллыан сөп. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: