60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

Share

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит. Хоромньу уопсай суумата 14 500 солк. эбит.

Холуобунай көрдүүр салаа үлэһиттэрэ тустаах буруйу оҥорууга уорбаланааччыны булбуттар. Бу 60 саастаах дьахтар эбит.

Сайабылыанньа суруйааччы быһаарбытынан, кини атыы-эргиэн киинигэр сылдьан кумааһынньыгын маҕаһыын каассатын аттыгар хаалларан кэбиспит. Буруйу оҥорооччу кинини ким да кэтээн көрбөтүн бэлиэтээн, харчылаах кумааһынньыгы ылан баран атыы кииниттэн тахсан барбыт.

Кумааһынньыгы булбуттар. РФ Холуобунай Кодексын 158-с ыст. 2 ч. (“Уоруу”) холуобунай дьыаланы тэрийбиттэр. Тустаах ыстатыйанан буруйдаах киһи 5 сылга диэри бырааба быһыллыан сөп. Бу туһунан СӨ ИДьМ  пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
1
+1
13
+1
3
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

42 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago