60 саастаах эр киһи гардеробтан куурка уорбут
26.12.2024, 10:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Дьокуускайдааҕы ИДьМ полиция салаатын дьуһуурунай сааһыгар судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһитэ гардеробтан кууркатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Эмсэҕэлээччи үлэлиир сирин гардеробугар кууркатын хаалларбытын уоран ылбыттарын туһунан кэпсээбит. Суһал-ирдиир үлэлэр ыытылланнар, уорбаланааччыны быһаарбыттар. Бу эрдэ сууттана сылдьыбыт 60 саастаах эр киһи буоларын билбиттэр.
Быһаарыллыбытынан, эр киһи тэрилтэҕэ киирэн гардеробтан куурканы ылаат, тахсан барбыт.
Уоруунан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
+1
+1
+1
+1
+1
4
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: