62 сыл анараа өттүгэр пионерга киирбит Александр Бири (ВИДЕО)
Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи олохтооҕо, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Өлүөхүмэ” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Александр Филиппов – Бири аалай кыһыл хаалтыскаах олорор видеотын көрөөт, бэйэтин кытта төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттым.
Александр Бири 1961 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр пионерга киирбит. Пионерскай дружиналара сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар баайдары утары охсуспут герой-пионер Павлик Морозов аатын сүгэр эбит. Александр Николаевичтан бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн оччотооҕу пионердар, кинилэр ыытар хамсааһыннарын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
— Пионерга киирэрбитигэр төрөппүттэрбитигэр кыһыл (кумач) таҥаһы бысталаан, хаалтыс тиктэрэ биэрбиттэрэ. Барыбыт киэнэ биир тэҥ кээмэйдээх буолуохтааҕа. Пионерга киириэхпит ый инниттэн “Эдэр пионер андаҕара” диэни өйбүтүттэн иҥнигэһэ суох ааҕа үөрэппиппит.
Ол күн эргэ оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр оскуола барыта үөрүүлээх илиниэйкэҕэ кэккэлээн турбута. Биһигини илиниэйкэ иннигэр туруортаабыттара. Сыана үрдүгэр В.И.Ленин мэтириэтэ ыйанан турара. Сыана кэтэҕэр уонна көрүдүөр истиэнэлэригэр эҕэрдэ луоһуннар кыһыл таҥаска суруллан ыйаммыт этилэр. Быыкаа кыһыл былаахтары эмиэ ыйаталаабыттара. Оскуола дириэктэрэ Бельчусов Виктор Федорович эҕэрдэ тылын кэнниттэн, тыл ыстаарсай пионер баһаатайга Слепцова Светлана Герасимовнаҕа бэриллибитэ.
Кинилэр туох диэбиттэрин өйдөөбөппүн эрээри, Светлана Герасимовна кыһыл хаалтыстары баайарга бэлиэ биэрээтин кытта горн, барабаан тыаһа доҕуһуоллаах обургу оҕолор тахсаннар биһиги тоҥонохпутугар иилинэн турар хаалтыстарбытын ылан моонньубутугар баайбыттара. Миэхэ Нина Горбунова диэн кыыс баайбыта. Билигин бэтэрээн-учуутал Нина Васильевна Трубина (Горбунова) бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Сол күн киэһэтигэр оскуолаҕа улахан кэнсиэр буолбута. Сарсыныгар кылааспыт иһэ туох да омуна суох сайыҥҥы сардааналаах хонуу курдук тэтэрэн олороро көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ!
Улахан кылаастартан баһаатайдар бааллара. Биһиги баһаатайбыт Корнилова Галина диэн кыыс этэ. Сүрдээх ирдэбиллээҕэ. Оччотооҕуга Тимуровскай хамсааһын олус күүстээҕэ. Инньэ гынан, баһаатайбыт биһигини уруоктар кэннилэриттэн кырдьаҕас ыалларга оттор мастарын сааһылата, саһаанната, олбуор бөҕүн ыраастата илдьэрэ. Оттон улахан оҕолор эмиэ атын ыалларга мас эрбээн, хайытан биэрэллэрэ. Холкуос хотоннорун үрдүн хаарын түһэрэллэрэ.
Ыам ыйын 19 күнүгэр биһиги аан бастакы пионерскай костерга кыттыбыппыт. Оскуолаттан ыла бэс чагдаҕа диэри горн, барабаан тыаһынан барааттаан тиийэн турабыт. Онно, киэҥ ырааһыйаҕа, биэс салаалаах сулуһу дьиэ оннун саҕа гына хаһан оҥорбуттар этэ. Ол сулус иһигэр харыйалары ураһа курдук туруору сааһылаабыттар. Оскуола бастыҥ пионердара баһаатай хамаанда биэрээтин кытта, били, сулустар биэс салааларыттан бэлэм туостарга уот анньыбыттара. Эмискэ «Взвейтесь кострами, синие ночи! Мы пионеры — дети рабочих» диэн ырыа ньиргийэ түспүтэ. Ол ырыа кулуһун уотун тачыгырас тыаһыгар олус да кэрэтик иһиллибитин өйдүүбүн.
Онтон ыла пионер үрдүк аатын бары да чиэстээхтик илдьэ кэлбиппит. Төһөлөөх элбэх оскуола тэрээһиннэригэр, субуотунньуктарга кыттыбыппыт буолуой?! Олус да көхтөөх этибит! Холкуос үлэтигэр эмиэ кыттарбыт. Ол эбэтэр, пиэрмэттэн бэлэм балбаахтары бааһынаҕа атынан тиэйэн хаарга туруору анньар буоларбыт. Сайын бастакы ый бурдук бааһыналарын сонуогар мурукуну (моҕотойу) бултаһарбыт. Күрүө сиэрдийэтин устун бурдугу уоппут түөкүттэр биһиги икки тоһоҕо быыһыгар ииппит кыл туһахтарбытыгар түбэһэллэр этэ. Сорохторун ытынан ирдэтэн мастан арагаайканан эбэтэр тааһынан, маһынан бултаһарбыт. Тириилэрин “НАСПОҕа” туттарарбыт. Ону тэҥэ, күтэргэ НАСПОтан сорудах ылан хапкаанныырбыт. Күһүн бэрэссэдээтэл Төктөөсөп Байбал элбэх моҕотойу (мурукуну), күтэри бултаабыт оҕолорго бириэмийэ биэрэрэ. От ыйыттан ыла бары от үлэтигэр барарбыт. Онон биһиги көлүөнэ оҕолор үлэнэн иитиллэн буһан- хатан саҥа үөрэх дьылыгар үктэнэр этибит. Оскуолаҕа араас элбэх куруһуоктар олус кэрэхсэбиллээхтик ыытыллаллара: уруһуй, үҥкүү, успуорт үрдүктүк тутуллара.
Мин биир кэмҥэ барабаан охсооччунан ананан сылдьыбыттааҕым. Онтубуттан күн бүгүҥҥэ диэри астынабын. Горнист, барабанщик буоларга кими баҕарар анаабат этилэр, — диэн күн бэҕэһээ ааспытыныы санаатын үллэстэр.
Төлөннөөх пионер туһунан кини сиэнэ, Өлүөхүмэ куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ, “Мин эһэм — пионер” видеонан куонкурус кыттааччыта Дамир Филатов кэпсиир. Видео кылгас эрээри, оччотооҕу кэм тыынын, пионердар диэн кимнээхтэрин толору арыйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: