Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
2022 сылтан 6,2 тыһыынча киһи социальнай хантараак көмөтүнэн 1,7 миллиард солкуобай суумалаах көмөнү ылла. Быйылгыттан бу үлэ бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн барар.
Бу атахтарыгар туруон баҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр олус көдьүүстээх ньыма.
«Социальнай хантараак үлэлииргэ анал тэрили, миэбэли, лицензияны ыларга, куортамы төлүүргэ, үлэ миэстэтин таһаарарга, о.д.а. көмөлөөх. Онон таптыыр дьыаланан дьарыктанан, харчы өлөрөр кыаҕы биэрэр. Дьоҕус биисинэстэр олохтоох соруктары быһаараллар — килиэбинэн, бородууктанан хааччыйаллар, баттах кырыйар, онтон да атын өҥөлөрү оҥороллор», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.
Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ социальнай хантараагынан туһаныы үтүө холобурдара бааллар.
Булуҥ оройуонун Күһүүр сэлиэнньэтигэр олорор элбэх оҕолоох ийэ Ирина Корякина социальнай хантараак көмөтүнэн 450 тыһыынча солкуобайы ылбыта уонна оҕуруонан дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорор мастарыскыайын арыйбыта.
Чурапчыттан элбэх оҕолоох аҕа Станислав Барашков автосервис арыйбыта уонна билигин атаҕар туран баран, кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр, тэрээһиннэри ыытарга спонсор буолар.
Нерюнгригэ үс оҕолоох ийэ сакалаат уонна клубника дьөрбөлөрүн оҥорор устуудьуйаны арыйбыта.
Дьокуускайга элбэх оҕолоох ийэ Антонина Попова витраж мастарыскыайын, Ленскэйгэ Туйаара Пестерева сахалыы таҥаһы тигэр мастарыскыайы арыйбыттара.
Бу курдук холобурдар элбэхтэр. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр ураты болҕомто ууруллар. Номнуо 65 дьиэ кэргэн социальнай хантараагы ылан туһанна. Маны тэҥэ, кинилэр идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар көмө оҥоһуллар.
Холобур, Ньурба Үөдэйигэр байыас Николай Аммосов кондитерскай арыйан, минньигэс бурдук аһынан олохтоохтору күндүлүүр.
Социальнай хантараагы ыларга социальнай көмскэл управлениетыгар, эбэтэр, улуус дьаһалтатыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран, билсиэххэ сөп.
Сиһилии: https://mintrud.sakha.gov.ru/news/14795
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…