Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
2022 сылтан 6,2 тыһыынча киһи социальнай хантараак көмөтүнэн 1,7 миллиард солкуобай суумалаах көмөнү ылла. Быйылгыттан бу үлэ бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн барар.
Бу атахтарыгар туруон баҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр олус көдьүүстээх ньыма.
«Социальнай хантараак үлэлииргэ анал тэрили, миэбэли, лицензияны ыларга, куортамы төлүүргэ, үлэ миэстэтин таһаарарга, о.д.а. көмөлөөх. Онон таптыыр дьыаланан дьарыктанан, харчы өлөрөр кыаҕы биэрэр. Дьоҕус биисинэстэр олохтоох соруктары быһаараллар — килиэбинэн, бородууктанан хааччыйаллар, баттах кырыйар, онтон да атын өҥөлөрү оҥороллор», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.
Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ социальнай хантараагынан туһаныы үтүө холобурдара бааллар.
Булуҥ оройуонун Күһүүр сэлиэнньэтигэр олорор элбэх оҕолоох ийэ Ирина Корякина социальнай хантараак көмөтүнэн 450 тыһыынча солкуобайы ылбыта уонна оҕуруонан дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорор мастарыскыайын арыйбыта.
Чурапчыттан элбэх оҕолоох аҕа Станислав Барашков автосервис арыйбыта уонна билигин атаҕар туран баран, кыаммат, элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр, тэрээһиннэри ыытарга спонсор буолар.
Нерюнгригэ үс оҕолоох ийэ сакалаат уонна клубника дьөрбөлөрүн оҥорор устуудьуйаны арыйбыта.
Дьокуускайга элбэх оҕолоох ийэ Антонина Попова витраж мастарыскыайын, Ленскэйгэ Туйаара Пестерева сахалыы таҥаһы тигэр мастарыскыайы арыйбыттара.
Бу курдук холобурдар элбэхтэр. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр ураты болҕомто ууруллар. Номнуо 65 дьиэ кэргэн социальнай хантараагы ылан туһанна. Маны тэҥэ, кинилэр идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар көмө оҥоһуллар.
Холобур, Ньурба Үөдэйигэр байыас Николай Аммосов кондитерскай арыйан, минньигэс бурдук аһынан олохтоохтору күндүлүүр.
Социальнай хантараагы ыларга социальнай көмскэл управлениетыгар, эбэтэр, улуус дьаһалтатыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран, билсиэххэ сөп.
Саха омук мусукаалынай култууратыгар уһулуччулаах кылааты киллэрбит композиторбыт, Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Захар Степанов төрөөбүтэ 95…
Саха сирин олохтоохторо уонна улуус дьаһалталара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар өрүү көмөлөһөллөр. Бу өйөбүл…
«Тута» позывнойдаах Арассыыйа Дьоруойун Андрей Григорьевы СӨ мас-рестлиҥҥэ федерациятын бочуоттаах чилиэнинэн уонна вице-бэрэсидьиэнинэн таллылар. Дастабырыанньаны…
Бу сыл сааскы-сайынҥы кэмигэр «Нерюнгри аэропорда» филиалга саҥа маршрут арыллар диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол…
Кэлиҥҥи кэмҥэ агро-оскуолалар эбии үөрэхтээһин хайысхатын таба туһанан, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, оҕону урбаан салаатыгар…
Икки сыл анараа өттүгэр, 2024 сыл олунньу 15 күнүгэр, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан байыаннай иэһин…