626 киһи квотанан үлэ булла
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Борисов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
— Тэрилтэлэргэ үлэ миэстэтэ квоталанан, 626 киһи үлэ булла. Барыта 347 тэрилтэ үлэ миэстэтин таһаарда. Маны таһынан, быйыл 125 байыаннай дьайыы кыттыылааҕар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 242 киһиэхэ үлэ булалларыгар көмөнү оҥордубут. Итинтэн 72 байыас, дьиэ кэргэттэриттэн 160 киһи үлэ булбуттара, — диэн кини эттэ.
Инбэлииттэр декадаларын чэрчитинэн, ахсынньы 3 күнүгэр «Защитники Отечества» филиалыгар инбэлиит-байыастарга Аһаҕас аан күнэ ыытылынна. Манна Дьарыктаах буолуу сулууспатын үлэһиттэрэ кэлэн үлэлээтилэр.
Ахсынньы 10 күнүгэр диэри дьарыктаах буолуу сулууспалара инбэлиит дьоҥҥо 130-тан тахса тэрээһини ыытыахтара. Ол курдук, үлэ дьаарбаҥкалара, Аһаҕас аан күннэрэ, сэминээрдэр, о.д.а. ыытыллыахтара.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин соторутааҕыта анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт байыастар кыһалҕаларын быһаарыыга кэккэ ыйаахтары таһаарбыта. Кини бэтэрээннэргэ доруобуйаларыгар, үлэ булалларыгар, юридическай сүбэлэри ылалларыгар, уо.д.а. бары өттүнэн көмөлөһөргө сорудахтаабыта.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: