65 саастаах аҕа уолаттарын иитиигэ 1,8 мөл.солк. төлөөбөккө, куотуна сылдьар

Share
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин 756 олохтооҕо оҕолорун иитиигэ төлүөхтээх алименыттан куотуна сылдьар. Бу туһунан Арассыыйа Саха сиринээҕи Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспатын управлениета иһитиннэрэр.
Бу төрөппүттэртэн үгүстэрэ Дьокуускайга олорор эбит — 423 киһи. Атыттар оройуоннарга, элбэх иэстээх дьонноох оройуоннарынан Нерюнгри (63 киһи), Мииринэй (50 киһи), Ленскэй (39 киһи) уонна Өймөкөөн (24 киһи) буолаллар.
Саамай аҕа саастаах алименын төлөөбөтөх аҕанан 65 саастаах киһи буолар. Кини икки уолун иитиигэ 1,8 мөл.солк. тахса суумалаах алимены ыыппакка сылдьар.

Оттон саамай эдэр алименнаах киһинэн Мииринэй оройуонун 22 саастаах олохтооҕо эбит. Кини түөрт саастаах кыыһын көрүүгэ-истиигэ ый аайы 10 тыһ.солк. ыытыахтааҕын, быйыл кулун тутарга  үс тыһ.солк. төлөөн баран бүппүт.

Балаҕан ыйын бүтүүтэ уорганнар үлэһиттэрэ алимеҥҥа иэстээх 166 киһини көрдөөн булбуттар.

Бу үлэ өссө да салҕанар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа кыһа аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

57 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago